Амма иистэнньэҥнэрэ илиилэрин сылааһын саллааттарга аныыллар

Бүгүҥҥүттэн саҕалаан түөрт күн устата Амма улууһун ийэлэрэ «Илии сылааһа»  өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттыһаннар анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар таҥас тигиэхтэрэ.

Амма улууһуттан күрэххэ 3 хамаанда, ол аата 15 иистэнньэн кыттар. Манна Бөтүҥтэн алта, Чапчылҕантан икки, Чакыртан биир, Амматтан алта иистэнньэн бэйэлэрин сатабылларын бу волонтерскай хамсааһыҥҥа көрдөрүөхтэрэ. Былырыын сэттэ ийэ иистэммит буоллаҕына быйыл икки төгүл элбэх киһи кыттара үөрүүлээх.

Кинилэр балаһыанньа быһыытынан “Эр хоһуун” кэмпилиэги тигэллэр. Манна эр киһи 11 араас таҥаһа киирэр. Сүрүн болҕомто хаачыстыбаҕа ууруллар, оттон кыайыылаах хамаанда улуус чиэһин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көмүскүүр эппиэтинэһи сүгүө.

Ийэлэрбит өй-санаа өттүнэн сайдыылаах, сиэр-майгы өттүнэн аһыныгас, дойдубар- дьоммор туһаны оҥорбут киһи диэн үлэлииллэрэ саарбаҕа суох. Күрэххэ кыттыах иннинээҕи күн норуот айымньытын дьиэтигэр иистэнньэҥ ийэлэри түмэн күрэххэ кыттыы балаһыанньатын, араас сатабыллары сөпкө туттууну Анфиса Федорова сырдатта. Маны барытын тэрийэр салайааччы Мария Захарова ымпыгар — чымпыгар диэри билиһиннэрдэ. Оттон улуус баһылыга Степан Кузьмин кыттааччыларга үтүө дьыалаҕа кыттыһалларыгар махтанан туран таһаарыылаах үлэни баҕарда.

Аһыныгас сүрэхтээх Далбар Хотуттар тутан-хабан, туохха да тэҥнэммэт сылаас, сымнаҕас, сатабыллаах илиилэринэн тикпит таҥастара Ийэ дойдубутун көмүскүү сылдьар уолаттарбытыгар күүһү-оҕу эбэн Кыайыы Өрөгөйүн аҕаллын!

Ирина Корякина – Олесова.

Читайте дальше