Амма көрбөттөрө уопсастыбаттан бэлэхтэри тутан үөрдүлэр

“Үрүҥ торуоска” Бүтүн Арассыыйатааҕы декада чэрчитинэн Амма улууһугар араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Олортон биирдэстэрэ – дьиэлэриттэн тэйбэт дьоҥҥо уопсастыба чилиэннэрэ аадырыстарынан сылдьан бородуукта бэлэхтэрин туттардылар.

Көрбөттөр уопсастыбаларын чилиэнэ Таисия Александрова уонна улуустааҕы бибилэтиэкэ сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ, инбэлииттэри кытта үлэҕэ эппиэтинэстээх Лариса Винокурова бүгүҥҥү сааскылыы наҕыл күн, ыраас хаардыын тэҥҥэ киирэн уопсастыба чилиэннэрин декаданан эҕэрдэлээн Махтал суруктары кытта бородуукта набордарын бэлэхтээн үөртүлэр.

-Дьоммут үөрүү, махтаныы бөҕөлөрө. Аммаҕа туох сонун баарын ыйыталаһан, кэпсэтэн, сэргэхсийэн санаалара көнньүөрдэ. Биһиги уопсастыбабыт общественнай буолан үп-харчы көрүллүбэт буоллаҕа. Ону болҕомтоҕо ылан улуус дьаһалтата быйыл харчы көрөн, “Үрүҥ торуоска” декадабыт аһыллыыта  наһаа сэргэхтик ааспыта. Аны өссө бородуукта атыылаһан көхтөөх дьоммутугар түҥэтэр кыахтаммыппытыттан бэйэбит даҕаны  үөрдүбүт. Туох баар тэрээһиннэрбитигэр, күрэхтэрбитигэр көхтөөхтүк кыттар  10 киһибитигэр маннык бэлэхтэри оҥордубут,- диэн Таисия Тихоновна үөрэн, астынан туран кэпсиир.

«Амма олоҕо» хаһыат.