Бүгүн сомоҕолоһуу күнэ. Хас биирдии Арассыыйаҕа олорор омугуттан тутулуга суох үлэлиир-хамсыыр киһи эйэлээх олоххо олоруон баҕарар. Төрөөбүт дойдуга тапталбыт туохха да тэҥнэммэт сүдү күүс буолар. Норуоттар доҕордоһуулара, биир тэҥник инники олоххо дьулуһуулара ааспыт кэмҥэ ССРС диэн ааттанан бары омугу бииргэ түмпүтэ, соҕолоһууну үөскэппитэ.
Амма Наахара нэһилиэгин «Дуораанчык» уһуйаана Сомоҕолоһуу күнүн олус сэргэхтик бэлиэтээтэ.
Бу күн уһуйааҥҥа араас омук музыкальнай интруменнара, иһит-хомуос, омук таҥастарын кэппит куукула арааһа, бэргэһэлэр быыстапкалара турда. Бөлөх иитээччилэрэ биир дьиэ кэргэн диэн презентация оҥорон иитиллээччилэригэр көрдөрдүлэр. Оҕолорбут бырааһынньыкка бары сахалыы таҥастарын кэтэн киэргэнэн кэлбиттэр. Уһуйаан үлэһиттэрэ араас омуктар үҥкүүлэрин үҥкүлээн көрдөрдүлэр. Бу күн төрөппүттэр омуктар астарын астаан аҕалбыттар. Бырааһынньыгы Туяра Мартынова, Татьяна Ефремова салайан ыыттылар. Ырыа-тойук, үҥкүү-битии, көр-күлүү дьиэрэйдэ. Бүтэһигэр сахалыы оһуор үҥкүүтэ флешмоб үҥкүлээтилэр. Маннык тэрээһиннэр үксүү турдуннар.
Ирина Корякина – Олесова.