Амма Наахара кырачааннара күнү-дьылы анал прибордарынан кэтээн көрүөхтэрэ

Амма Наахара нэһилиэгин “Дуораанчык” уһуйааныгар ыра санаа оҥостубут тиэргэн иһинээҕи “ЖУ-ЖУ” метеостанция уонна экологическай ыллык аһыллыыта бэрт сэргэхтик ааста. Дьоро күҥҥэ кэлбит ыалдьыттары хаһаайыннар сахалыы сандалы мааны аһынан алаадьынан, саламаатынан күндүлээтилэр.


Төрөөбүт дойдуну Ийэ курдук ис-сүрэхтэн таптыыр киһи аҕыйаҕа суох. Оҕону кыра эрдэҕиттэн дьиэ кэргэн бэйэни кытта илдьэ сылдьан айылҕаҕа сыһыарара олус табыгастаах. Олортон биирдэстэрэ саҥа күнү үөрэ-көтө көрсүү, айылҕаны маанылааһын, уларыйыылары бэлиэтии көрөн оҕоҕо быһааран көрдөрүү. Дьыл араас кэмнэригэр айылҕа уларыйыыларыгар дьикти араас көстүүлэр баар буолаллар. Ол уларыйыылары үөрэтэр, кэтээн көрөр метеостанциялар дойдубут араас туочукаларыгар түүннэри-күннэри үлэлииллэр.

Амма Наахара нэһилиэгин турар сирэ Амма улууһун иэнин аҥара  буолар. Манна экологическай хайысхалаах «Дуораанчык» уһуйаан айылҕаны харыстааһыҥҥа, айылҕаны үөрэтиигэ үгүс үлэни ыытар. Сатабыллаах салайааччы Полина  Кононова, сүрүн иитээччи Галина  Мартынова  салайыыларынан ыра санаа оҥостубут тиэргэн иһинээҕи “ЖУ-ЖУ” метеостанция уонна экологическай ыллык аһыллыыта бэрт сэргэхтик ааста. Дьоро күҥҥэ улуус бары уһуйааннарыттан кэлбит ыалдьыттары сахалыы сандалы мааны аһынан алаадьынан, саламаатынан күндүлээтилэр, Аал луук маска алгыстаах салама ыйанна. Сэбиэдиссэй Полина Кононова үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ. Иллээх кэлэктиип бу күнү хас да сыл күүтэн, үлэҕэ киллэрдэ. Үөрүүлээх тэрээһини Надежда Макарова ырыаларыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Юные Якутяне” ресурснай киин ыыппыт  күрэҕэр Гран-при буолбут бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччилэрэ (сал.Т.З.Мартынова)  эҕэрдэ нүөмэрдэринэн астылар. Бэтэрээн үлэһит, уһуйаан бастакы эколога Нина Гаврильева сиэр-туом быһыытынан аал уоту оттон, алгыс тылларын анаата. Сүрүннүүр иитээччи Галина Мартынова кэлбит ыалдьыттары тиэргэҥҥэ саҥа оҥоһуллубут экологическай ыллык суолун, ыытыллыбыт үлэлэрин сиһилии билиһиннэрдэ. Онтон “ЖУ-ЖУ” метеостанция аһылларын бэлиэтиир аалай лиэнтэтин сэбиэдиссэй Полина Кононова уонна уһуйаан иитиллээччитин, ырыа куттаах Айза Пахомованы кытары ытыс тыаһыгар быстылар. Уопуттаах иитээччи Татьяна Ефремова иитиллээччилэрин кытары  кэтээн кѳрүүлэрин оӊордулар, кэпсээтилэр. Саҥа метеостанцияҕа “ЖУ-ЖУ” хампаанньа ыыппыт араас прибордарын көрдүбүт. Метеостанция матырыйааллара барыта үрдүк хаачыстыбалаах фанераттан, медицинскэй кыраасканан бүрүллүүлээх эбиттэр. Манна хаар халыҥын кээмэйдиир линейка, күн ханнык бириэмэлэргэ күүскэ тыкпытын көрдөрөр, хамсааһынын бэлиэтиир, сир температуратын кээмэйдиир, төһө ардах түспүтүн көрдөрөр термометрдар, барометрдар, гигрометрдар, былыты кэтиир прибордар, күнү-дьылы быһаарар, бэлиэтиир экран бааллар. Күн-дьыл уларыйыытын билэргэ көмөлөһөр флюгер,  азимут-стрелкалар хоту, соҕуруу, илин, арҕаа хайысханы кѳрдѳрѳллѳр. Тыал хайа диэккитэн үрэрин анал сиэх көрдөрөр. Бу кэтээн көрүүлэр булчуттарга, айанньыттарга, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ улахан көмөлөөх.

Манна эбии “Айылҕаҕа уу эргиирэ”, “Сахалыы бит-билгэ” стендэлэр турбуттар. Онтон «Ойуур оскуолата» былаһаакка лиэнтэтин бэтэрээн эколог Нина Романовна сиэнинээн Дархан Гаврильевтыын быстылар. Төрөппүттэр уонна үлэһиттэр айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуллубут былаһааккаларын туһунан эдэр иитээччи Фёкла Илларионова билиһиннэрдэ. Манна үлэһиттэр 1997 сылтан илдьэ сылдьар булчут үүтээнигэр баар булт тэриллэрин булчут киһи, уһуйаан тутаах үлэһитэ Николай Илларионов билиһиннэрдэ.  “Эһээ үѳрэҕэ”, “Тыаҕа сылдьыы быраабылата”, “Дьыл кэмнэрин кыыллара” ( магнитнай оонньуу), “Саамай-саамай” истиэндэлэр дьон болҕомтотун тартылар. Улуус уопсастыбаннай эколога  Галина Мартынова уһуйаан тиэргэнин кэлбит биир идэлээхтэригэр сиһилии кэпсээтэ.

Манна бэтэрээннэр уонна уһуйааны бүтэрээччи оҕолор олордубут мастарын аллеята, олбуору тула үлэһиттэр олордубут мастара аҕыйах сылынан улаатан чэчирии үүннэҕинэ өссө тупсаҕай көстүү буолуо диэн ыалдьыттар бэркэ сэргээтилэр, сөхтүлэр. Сэбиэдиссэй Полина Петровна бэйэтин эҕэрдэ тылыгар «Дуораанчык» уһуйааны өрүү өйүүр спонсорыгар “Японец” маҕаһыын салайааччытыгар Афанасий Алексеевка махтал тылларын анаата.

«Биһиги уһуйааммыт бүгүҥҥэттэн түөрт экологическай суолланна. Бастакы суол уһуйаан иһигэр, иккис суол тыаҕа баар, үһүспүт нэһилиэк иһигэр баар бэлиэ сирдэр, онтон төрдүспүт-  бу метеостанциябыт буолла. Оҕо төрөөбүт дойдутун айылҕатын кытта алтыһыыта кыра сааһыттан саҕаланнаҕына хамсыыр – харамайы, үүнээйилэри харыстыы үөрэнэр. Оҕо сайдар, сылдьар бөлөҕөр күннээҕи олохторугар айылҕа уларыйыыларын кэтээн-көрө үөрэнэллэригэр бары күүспүтүн уурабыт”,-  диэн этэр Галина Кимовна.

Бу үөрүүлээх күн өссө  «Дойдум дьиктилээх кэрэ таастара»  диэн Амма Наахара нэһилиэгин коллекционердарын, уһуйаан үлэһиттэрэ хомуйбут Амма эбэбит кытылын таастарын быыстапката турда. Дьиктилээх таастар кэрэ да дойдуга олорорбутун туоһулуур курдуктар.  Салгыы ыалдьыттар эдэр үлэһит Мария Максимова сомоҕолуур оонньуутугар кытыннылар,  мини-метеостанцияны хайдах бэйэ күүһүнэн  оӊорон үлэлэтиэххэ сѳбүн туһунан үлэ уопутун иһиттилэр. Күннүгү, сурунаалы толорууну иитээччилэр Татьяна  Ефремова, Розалия  Устинова көрдөрдүлэр, араас методическай сүбэлэри билиһиннэрдилэр. Экологическай, кыраайы билии боппуруостарыгар эко-викторинаны Туяра  Мартынова бэрт сонуннук ыытта. “Лучший учитель родного языка и родной литературы” диэн Аан дойдутааҕы күрэххэ Аммабытын ааттаппыт Амма нэһилиэгин «Хатыҥчаана»  уһуйаан эт-хаан сайдыытын  иитээччитэ Руслан  Седых кыттыытын туһунан кэллиэгэтэ Мария  Неустроева  билиһиннэрдэ,  араас боппуруостарга эппиэттээтэ. Бу күн 14 уһуйаантан барыта 17 сүрүннүүр иитээччи уопут атастаһа кэлэн барда, ону тэҥэ үс атын улуус методистара ситим нөҥүө бэйэлэрин санааларын эттилэр.  Семинар кыттыылаахтара оҕону кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт дойду айылҕатыгар тапталы иитиигэ, айылҕаны уонна айылҕа кэрэ көстүүлэрин кэтээн көрүүгэ, чинчийэн үөрэтиигэ, сиэр-майгы өттүнэн ыраас буоларга болҕомтону уурууга, оҕо билэ-көрө сатыырын таба тайаныыга, айар дьоҕурун сайыннарыыга ыытыллар үлэ билиҥҥи кэмҥэ олус туһалааҕын бэлиэтээтилэр. Айылҕаҕа чугас оҕо хайдахтаах даҕаны ыараханнары туоруурга бэлэм, куһаҕан дьаллыктарга ылларбат. Онон оҕолору интернет ситимиттэн, гаджеттартан тэйитэр сыалтан  айылҕаҕа сырытыннарыы хас биирдии саха куттаах дьиэ кэргэнин сыалынан буолуохтаах. Айылҕа —  биһиги дьиэбит, кэлэр көлүөнэ ыччаппытыгар хаалларар баайбыт буоларын умнумуоҕун.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

 

 

Читайте дальше