Амма Наахара ыччата 37 куул бөҕү хомуйдулар

Амма Наахара нэһилиэгэр Ылдьыын күн ыччат лидера Мичил Ефремов ыччары түмэн кэрэ көстүүлээх Кыыс Амма биэрэгэр ырааһырдыы үлэтин ыыттылар.

Ыҥырыыны олохтоох дьаһалта өйөөтө. Нэһилиэк баһылыга Захар Александров айылҕаны ырааһырдар субуотунньугу салайда. Уопсайа 13 эдэр ыччат, 5 оскуола оҕото, 4 общественник волонтёр кытынна. Ылдьыын ардаҕын кэннэ туһалаах күҥҥэ 37 куул бөх хомулунна.

«Убаастабыллаах ыалдьыттар, олохтоохтор! Айылҕаны киртиппэт гына бэйэбитин көрүнүөҕүҥ! Бөҕү-сыыһы ыспакка өрүспүтүгэр сынньаныаҕыҥ! Аҕалбыт утаххытын иһэн баран хаҕын илдьэ бар, олбуоргар умат, таптаабыккынан быраҕыма! Сир, айылҕа биһиги олорор дьиэбит буоларын бука бары умнумуоҕун!» -дэһэллэр волонтёрдар.

Үлэ үөһүгэр үөрүү долгуна ыраахтан иһиллэр. Ыччат көхтөөҕүн көрөн киһи үөрэн сүргэтэ көтөҕүллэр.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА.

Читайте дальше