Амма Наахара нэһилиэгэр аҕа көлүөнэ дьонугар күннэтэ улахан болҕомто ууруллар. «Түмэн» култуура киинигэр аҕам саастаахтарга аналлаах дьоро күн тэрилиннэ.
Үтүө күнү нэһилиэк самодеятельноһын кыттыылаахтара Туяра Мартынова салайар «Үрүйэчээн» фольклорнай бөлөҕө, 3 кылаас үөрэнээччилэрэ, Елена Кузьмина, Гаврил Александров, Леонид Мартынов, Долгунча Бурцева, Сахаяна Михайлова, Светлана Захарова, Владимир Игнатьев эҕэрдэ нүөмэрдэринэн киэргэттилэр.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар сандалы остуолга олорон чэйдээн ирэ-хоро кэпсэттилэр, ыллаан-туойан, үҥкүлээн битийэн, бириистээх оонньууларга кытыннылар. Бу күн нэһилиэк тэрилтэлэрэ бэйэлэрин бэтэрээннэригэр дьиэлэригэр тиийэн бэлэхтэри туттардылар.
Аҕам саастаахтар бырааһынньыгынан ытыктабыл ылбыттарыттан үөрэн махтал тыллары анаатылар. Күндү дьоммут Эһиги үлэҕэ сыһыаҥҥыт, олоххо баай көрүүгүт, олус үөрүйэххит, санааҕыт күүстээҕэ биһиэхэ холобур буолар. Оҕолоргут, сиэннэргит истиҥ сыһыаннарыгар угуттанан кытаанах доруобуйаланын, уһун үйэлэнин, үөрүү эйгэлээх дьоллоох олохтонун!
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА