Үлэ Дьоруойа Петр Ионович Яковлев аатынан Амма-Наахара орто оскуолатыгар саҥа үөрэх нэдиэлэтэ Арассыыйа былааҕын күөрэтиинэн саҕаланна.
Күһүҥҥү чаҕылхай күн судаарыстыбаннай бэлиэлэргэ анаммыт «Патриоты воспитания гражданина Российской федерации. Образование 2024» диэн бырайыагынан бөтүөн фундаменнаах, ыстаал тимиртэн олохтоох, алюминевай сүнньүлээх Арассыыйа былааҕа турар олоҕо оскуола тиэргэнин иһигэр туруоран, былааҕын өрө көтөҕөр долгутуулаах күнэ буолла. Бэлиэ күн эҕэрдэ тылы оскуолабыт дириэктэрэ Василий Яковлев эттэ.
“Хас биирдии дойду анал бэлиэлээх. Ол сүрүн бэлиэлэргэ дойду былааҕа, гиэрбэ, гимн киирэр. Бу анал бэлиэ дойду уратытын, сомоҕо түмсүүтүн кэпсиир. Онтон биһиги олорор, үөрэнэр, үлэлиир Арассыыйабыт үс дьүһүннээх былаахтаах. Дойдуга таптал, харыстабыл, ытыктабыл хас биирдии киһиэхэ кыра оҕо сааһыттан иитиллэн, чочуллан тахсыахтаах. Нэһилиэкпит төһө да ыраах сыттар Амматтан былаахпытын бэйэбит ыччаппыт, нэһилиэгим туһа диэн үлэлиир-хамсыыр, элбэх үөрэнээччибит аҕата Сергей Гаврильевич Пахомов доҕотторун Михаил Никитины, Иван Устиновы кытта көмө оҥорон үөрэ-көтө, үтүө санаатынан аҕалан биэрбитэ биһиэхэ күүс-көмө буолла. Эһиги эмиэ маннык киһи киһитэ буола улаатын, дойдугутун таптаан. Махтал тыл маанытын Сергей Пахомовка тиэрдиэҕин!» — диэн эттэ Василий Александрович.
Үөрүүлээх чааһы оскуола дириэктэрин сүбэһитэ Феодосия Максимова уонна иитэр үлэҕэ дириэктэр солбуйааччыта Марина Макарова тэрийэн ыыттылар. Арассыыйа былааҕын өрө көтөҕөр чиэс туйгун үөрэнээччилэргэ Күндүүнэ Степановаҕа, Дима Ефремовка, Дамир Мартыновка тиксэн Арассыыйа гимныгар доҕуһуоллатан өрө таһаардылар. Ити курдук үөрэх нэдиэлэтин бастакы күнүгэр күһүҥҥү чаҕылхай күн оскуолабыт тиэргэнигэр үйэлээх олохтоох Арассыыйа былааҕа тэлээрдэ.
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА