Амма Наахаралар комсомол сылларыгар төннөн ыллылар

Комсомол төрүттэммитэ 105 сылыгар аналлаах тэрээһин Амма Наахара нэһилиэгин «Түмэн» сынньалаҥ киинигэр бэрт сэргэхтик ыытылынна.

Саала иһэ уруккулуу киэргэнэн ыалдьыттарын араас лозуннарынан үлэҕэ, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга ыҥырда. Манна 70-90 сылларга үлэ үөһүгэр сылдьыбыт, ол кэмҥэ эдэркээн актыбыыс кыргыттар ааспыт эдэр саастарын санаан араас оонньууларга кытыннылар. Оччотооҕу биэчэрдэргэ байаан доҕуһуолугар үҥкүлээбит үҥкүүлэрин үҥкүлээн тибийдилэр, кэрэ куоластарынан ыллаан үөрдүлэр. Байааҥҥа оскуола бэтэрээн учуутала, ырыа уруогар үгүс үөрэнээччитин кэрэ эйгэҕэ уһуйбут, ырыа айааччы Юрий Ефремов дуоһуйа доҕуһуоллаата. Дьиҥнээх Комсомолларга  ВЛКСМ тиэмэлээх викторина бэрт сэргэхтик ааста.

Хамаандаҕа арахсан кыра курэхтэһии тэрилиннэ. Сэргэх тэрээһинэ сынньалан киин методиһа Владимир Игнатьев олус өрө күүрүүлээхтик ыытта. Сандалы остуолга  сэбиэскэй кэминээҕи бүлүүдэлэрин ууран, тула олорон сылаас чэйи иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэттилэр, үтүө-мааны саастарын санаан бүгүҥҥү көрсүһүүттэн үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Ирина Корякина – Олесова.

Читайте дальше