Амма Наахара нэһилиэгин күн күбэй ийэлэрэ, эйэҕэс эбэлэрэ, килбик кийииттэрэ, кыталык кыргыттара «Үтүө санаа» аахсыйаҕа кыттыһан харыстыыр сиэккэ өрдүлэр.
«Түмэн» сынньалаҥ киинигэр нэһилиэк дьахталларын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сардаана Лебедева, «Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын нэһилиэктээҕи түмсүүтүн чилиэнэ Аля Александрова салалталарынан нэһилиэк далбардара анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан ыытыллар харыстыыр сиэккэ өрүүтүн аахсыйатыгар кыттыстылар. Кинилэр Айталы Куо Иванова үөрэтиитинэн өрүү албаһыгар үөрэнэн көхтөөхтүк улахан сиэккэни өрдүлэр. Бэлиэтээн эттэххэ Аля Александрова, Фекла Илларионова илиилэрин араарбакка көхтөөхтүк кытыннылар. Нэһилиэкпит баһылыгын солбуйааччы, барыга олус көхтөөх Сахаяна Михайлова күн ахсын сылдьан үлэ күөдьүтэн холобур көрдөрдө. Түөрт күннээх үлэҕэ амарах санаалаах, сылаас илиилээх дьоммут иллэҥ кэмнэрин туһаҕа атаардылар. Киһи үөрэрэ диэн инники кэскиллэрбит, оҕолорбут оскуолабыт үөрэнээччилэрэ уонна устудьуоннар кэлэн ис санааларыттан үлэҕэ кыттыһыылара буолла. Сылаас сыһыаммыт, кыра да көмөбүт сахабыт ыччата этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр арчылыы, дьон олохторун харыстыы турдун!
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА