Амма нэһилиэгин дьаһалтата 100-тэн тахса куул хаппыыстаны тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии сылын оҕолоругар туттарда.
Аҕам саастаах дьон күннэрин көрсө Амма нэһилиэгин дьаһалтата тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии сылын оҕолоругар биирдии куул хаппыыста бэлэхтиир. Бу үтүө үгэс баһылык Михаил Артемьев салалтатынан быйыл да кэһиллибэтэ. Кырдьаҕас киһиэхэ кыра да болҕомто үтүмэн үөрүүнү бэлэхтиир.
Онуоха бэйэбит Аммабыт өҥ буордаах бааһынатыгар ситэн-хотон тахсыбыт, эгэлгэ иҥэмтиэлээх битэмииннэрдээх, Василий Харитонов хаһаайыстыбата илиитин сылааһын ууран көрөн-истэн улаатыннарбыт сибиэһэй хаппыысталарын тутаннар ытык дьоммут махталлара муҥура суох. Хаппыыстаны түҥэтиигэ, аадырыска тиэрдиигэ түөлбэ активистара, дьаһалта үлэһиттэрэ сылын аайы көхтөөхтүк кытталлар, күүс-көмө буолаллар.
«Бүгүн биһиги Надежда Шараборина буолан, түөлбэбит ытык-мааны олохтоохторугар тыыл бэтэрээнэ Анна Николаевна Григорьеваҕа, сэрии сылын оҕолоругар Петр Васильевич Павловка, Алексей Егорович уонна Анна Васильевна Филипповтарга кууллаах хаппыысталары дьиэлэригэр илдьэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардыбыт, — диэн «Алаас» түөлбэ бэрэссэдээтэлэ Петр Табунанов иһитиннэрдэ.
Амма нэһилиэгин дьаһалтата түөлбэ бэрэссэдээтэллэригэр, активистарыгар махталын биллэрэр. Былыргы сахалар оҕолорун кырдьаҕаска, кыаммакка көмөлөс диэн иитэллэрэ. Ол амарах, аһыныгас санаа үтүө холобурун аныгы дьон сүрэхтэригэр иҥэринэн, олохторугар туһаналлара кэрэхсэбиллээх.
Вера ИВАНОВА