Амма нэһилиэгин 46 нүөмэрдээх учаастага нэһилиэккэ бастыҥ көрдөрүүлээх иһэр

Амма нэһилиэгин саамай элбэх быыбардааччылаах 46 нүөмэрдээх учаастага Арассыыйа Бэрэсидьиэнин талыыга үс учаастактан саамай көхтөөхтүк быыбардаан иһэр.  Күнүс 11 аҥаар чаас түмүгүнэн көрдөрүү хайдах буолла?


“Биһиги учаастакпытыгар испииһэккэ 1771 быыбардааччы баар. Мантан бу кулун тутар 17 күнүгэр күнүс 11 аҥаар чааска 1151 киһи куоластаан 64,9 бырыһыан буоллубут. Быыбардаабыт дьонтон дьиэҕэ 54, сайабылыанньанан 87 киһи куоластаата.. Бүгүн сарсыардаттан  5 аан бастакы быыбардааччы  кэлэн куоластаата.  Биһиги кинилэргэ киин быыбардыыр хамыыһыйаттан төлөпүөн уурары өйдөбүнньүк быһыытынан туттарабыт, эҕэрдэбитин тириэрдэбит.  Быыбар икки күн устата этэҥҥэ  баран иһэр”, —  диэн учаастак бэрэссэдээтэлэ Иванна Шестакова билиһиннэрдэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше