«Амма олоҕо» бүгүҥҥү нүөмэригэр тугу суруйда?

«Амма олоҕо» хаһыат от ыйын 19 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕааччыларыгар элбэх сонуннаах тиийиэҕэ. Хаһыат бастакы балаһатыгар бэлиэ күннэри сэргэ Ил Дархан Гранын кыайыылаахтара таҕыстылар.


Иккис балаһаҕа өрүү буоларын курдук, нэдиэлэ сүрүн сонуннарын сырдаттыбыт. Итиэннэ окко киирии үлэтэ саҕаламмытынан улууска оттооһун хаамыытын көрдөрөр таблица таҕыста. Үһүс балаһаҕа улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов улахан интервьюта бэчээттэннэ.

Быйыл бэс ыйыгар илгэлээх ардах түспэккэ, өрүспүт да хочо сирдэргэ уутун таһаарбакка, от хампаанньата уустуктардаах буолара биллибитэ. Ол да буоллар отчуттар урукку курдук салаа да оту хаалларбакка барытын охсон оттуур, тиэрдиллибит былааны толорор, сүөһү ахсаанын аччаппат санаалаах ходуһаларга киирдилэр. Оттооһуну көҕүлүүр сыалтан улуус баһылыга Степан Кузьмин нэһилиэктэр икки ардыларыгар от былаанын толорууга күрэх биллэрдэ. Бастаабыт нэһилиэк 1,5 мөлүйүөн, иккис миэстэ 1 мөлүйүөн уонна үһүс миэстэ 500 000 солкуобайы эбии бюджеттарыгар ылыахтара, — диэн Ион Семенович иһитиннэрэр.

Хаһыат төрдүс балаһатыгар «Амма олоҥхотун үйэтитэр сүҥкэн үлэ» диэн быйыл Олоҥхо ыһыаҕын көрсө тахсыбыт саҥа кинигэлэр тустарынан бэчээттэннэ. Норуот тылынан уус-уран айымньытын интэриэһиргиир дьоҥҥо улахан бэлэх буолла.

Бэһис балаһаҕа Аммаҕа 1944 сыллаахха ыытыллыбыт ыһыаҕы көрдөрөр киинэ туһунан муниципальнай архыып салайааччыта Катерина Окорокованы кытта кэпсэттибит.

Быйыл саас аудиовизуальнай нэһилиэстибэ киинин үлэһиттэрэ Анна Владимировна Пшенникова уонна Марфа Валентиновна Эверстова Москва куорат Красногорскай архыыбыгар матырыйаал көрдүү сылдьан, командировкаларын бүтэһик күнүгэр “1944 год. Ысыах в Якутии” диэн саҥата суох, 12 мүнүүтэлээх киинэни булан ылбыттар. Ханнык улуус буолара өссө биллибэт эбит. Бастаан Федор Попов мэтириэтэ көстөрүн иһин Мэҥэ Хаҥалас улууһа быһыылаах дии санаабыттар. Куоракка кэлэн дьэ чинчийии үлэтин саҕалаан, 1944 сыллаах ыһыах туһунан суруйуулары, Егор Шишигин 1944 сыллаахха Аммаҕа ыытыллыбыт ыһыах туһунан альбомун булан үөрэтэн, бу ыһыаҕы кытта тэҥнии тутан көрөн, чахчы Аммаҕа буолбута дуу диэн биһиэхэ эрийэн тахсан хаартыскаҕа баар дьону чопчуласпыттара. Онон, быйыл Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бу көстүбүт сэдэх, историческай суолталаах киинэ аммаларга бэлэх буолан, ыһыах бырагырааматыгар киирэн, сүрэхтэниитэ ыытылынна, — диэн Катерина Сольскиевна кэпсэтиини саҕалыыр.

1944 сыллаахха норуоту Кыайыыга кынаттаабыт, үлэһит дьону уруйдуур ыһыаҕы бу сигэнэн киирэн сэргээн көрүөххүтүн сөп: https://youtu.be/t2Cy3Xn4SKA?si=OmayGoDkr3dwp20w

Аммаҕа ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын биир сүрүн уратыта сүүстэн тахса кылыһах-кырыымпаһыт Аммалыы матыыбы дьон кутугар-сүрүгэр иҥэрбиттэрэ буолар. Бу туһунан С.А. Зверев-Кыыл уола аатынан Үҥкүү театрын «Кыл Саха» бөлөх салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Анна Томская киэҥ ис хоһоонноох суруйуутугар ааҕаарыҥ.

Ыһыах иннинэ күннэргэ улуустааҕы култуура салалтатын салайааччыта Иван Иванов көҕүлээн  уһултарбыт видеоклибы бу сигэнэн киирэн көрүҥ, сэргээҥ: https://youtu.be/64KLR-01Czs?si=c5qOK9llc0LOHiFS

Вера ИВАНОВА

 

Читайте дальше