Амма оскуолата уолаттарга өбүгэ үгэстэрин иҥэриигэ үлэлиир

Саха норуотун үгэстэрин үөрэтии чэрчитинэн  Амма улууһун үөрэнээччилэригэр аналлаах муҥха сылын аайы Эмис нэһилиэгэр ыытыллар. Быйылгы тэрээһин Эмис нэһилиэгин Чыраайы күөлүгэр ыытылынна. Манна быһа холоон 120-чэ киһи кыттыыны ылла.

Ол иһигэ Амма 1 №-дээх оскуолатыттан  8 — 9  кылаастартан 17 уол уонна оскуолабыт 7 эр дьон учууталлара буолан муҥхалаан, үөрэн-көтөн, өттүк харалаах кэллилэр.

Муҥха саха дьонун төрүт үгэһэ. Былыр-былыргыттан саха киһитэ балыгынан аһаан олорбута номоххо баар. Ыар сылларга саха киһитин балык тыыннаах хаалларбыт.  Халлаан тымныйдаҕына,  күөл мууһа киһини уйар буоллаҕына, дьон билигин да күргүөмүнэн муҥхалыы киирэр.

Эр киһи бултуу бардаҕына айылҕаҕа сылдьыы суруллубатах  сиэрин-туомун тутуһуохтааҕын бары билэбит.  Муҥха былыр былыргыттан элбэх үгэстэрдээх, сиэрдээх-туомнаах.  Ону биһиги билиэхтээхпит. Эбэ балыгын бэристэҕинэ хаһан даҕаны мыымматтар. Муҥхаҕа күөл төһө балыга бэрсибитин ону ылыахтааххын, үөрүөхтээххин.

-Түгэнинэн туһанан, Эмис орто оскуолатын коллективыгар, директор Захаров Гаврил Дмитриевичка маннык улахан муҥханы тэрээһиннээхтик ыыппыттарыгар улахан махталбытын биллэрэбит,- диэн үллэстэр биһиги оскуолабыт дириэктэрэ Николай Александрович Ларионов.

Сахаяна ПРОКОПЬЕВА, Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын  9 “а” кылааһын үөрэнээччитэ,

«АеСеШник» хаһыат корреспондена.

Читайте дальше