Аммаҕа үөрэх үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньахтарын иитинэн «Улуус үөрэхтээһиҥҥэ салалтатын тиһигэр оскуола оҕолорун идэҕэ туһаайыыга көдьүүстээх үлэ хайысхалара» диэн былаһааккаҕа педагогтар бэйэлэрин уопуттарын билиһиннэрдилэр, инники өттүгэр үлэни-хамнаһы хайдах ыытар туһунан сүбэлэстилэр.
Амма 1 №-дээх орто оскуола аактабай саалатыгар ыытыллыбыт педагогтар түһүлгэлэригэр киэҥ уонна дириҥ суолталаах кэпсэтии таҕыста, ыытыллар үлэни дьүүллэһии, инникини торумнааһын буолла. Амма 2 №-дээх оскуола педагог бибилэтиэкэрэ Акулина Филиппова федеральнай бырайыактарга оскуолаларын оҕолор көхтөөхтүк кытталларын, үөрэххэ да киириилэрэ куһаҕана суоҕун бэлиэтээтэ, бу хайысханы өссө күүһүрдэргэ этиилэрин киллэрдэ. Тыа хаһаайыстыбатын техникумун исписэлииһэ Марфа Дмитриева улуус оскуолаларын үөрэнээччилэригэр идэҕэ уһуйууга үлэтин билиһиннэрдэ уонна тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус буоларбыт быһыытынан хас биирдии оскуола бииргэ үлэлэһэригэр ыҥырда. Дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Лена Вензель оскуола оҕолоругар, төрөппүттэргэ тэрилтэ куруук көмө буоларын, салгыы да үлэлэһэрин эттэ. Мустубут дьон Амма 2 №-дээх орто оскуола биисэнэс-инкубаторын салайааччыта Елена Кузьмина оҕолор оҥорон таһаарар, ааҕар-суоттуур сатабылларын сайыннарыыга иккис сылын таһаарыылаахтык үлэлиирин сэргээн иһиттилэр. Үөрэтэр оҕолоро 6 кылаас үөрэнээччилэрэ хайыы-үйэ элбэҕи сатыыр буолбуттарын кэпсээтилэр, мустубут дьоҥҥо саалаҕа кэрийэ сылдьан үлэлэрин көрдөрдүлэр.
Элбэх оҕолоох ийэ, урбаанньыт, Амма нэһилиэгин олохтооҕо Людмила Сутакова дьиэ кэргэҥҥэ төрөппүт оҕотун интэриэһин, дьарыгын сайыннаран бэйэ дохуоттаах буолуутугар, оҕо идэни талыытыгар сүбэлэрин биэрдэ. Кини кыыһа Рада ааспыт сыллааҕы быыстапкаҕа «Бастыҥ резидент» аатын ылбыта уонна Амматааҕы биисэнэс-инкубатор бэлиэтии көрбүтүнэн Дьокуускай куоракка анал үөрэххэ киирэн элбэҕи билэн-көрөн тахсыбыта. Эдэр резидент бу дьарыкка хайдах сыстыбытын, үлэлиирин, инники былааннарын билиһиннэрдэ. Быйылгы да быыстапкаҕа кини идэтийбит урбаанньыттар курдук минньигэс астарын хамаҕатык атыылаата.
Амматааҕы эдэр натуралистар ыстаансыйаларын дириэктэрэ Дмитрий Матвеев, методистар Матрена Караканова, Галина Никифорова ыстаансыйа оҕону үлэнэн иитиигэ улахан болҕомтону ууралларын, биисэнэс-инкубаторынан ситиһиилээх оҕолору иитэн таһааралларын, дьиэ, тиэргэн, сир хаһаайыттарын бэлэмнииллэрин, маны таһынан ыстаансыйа оҕолор идэни талыыларыгар эмиэ улахан оруоллааҕын бэлиэтээн эттилэр. Амматааҕы көмөлтө оскуолатын дириэктэри солбуйааччылара Розалия Егорова, Татьяна Терентьева доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору кытта үлэни билиһиннэрдилэр, оҕолор сатабылларын сайыннарыыларыгар национальнай бырайыагынан иистэнэр, уһанар кабинеттар баар буолбуттарынан үөрүүлэрин үллэһиннилэр.
Бөтүҥ орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Жанна Егорова агропрофилированнай хайысхалаах оскуолаҕа оҕону үлэнэн иитии инники күөҥҥэ турарын, маныаха үгүс үлэ, улуустааҕы күрэхтэһии ыытылларын эттэ. Амма 1 №-дээх орто оскуолатын педагог бибилэтиэкэрэ Оксана Гаврильева идэҕэ уһуйууга үлэлээн кэлбит уопутуттан санааларын үллэһиннэ, баар кыһалҕалары ыйда, үп-харчы өттүнэн өйөбүл наадатын эттэ. Чакыр орто оскуолатын кылаас салайааччыта Мария Кириллина идэни талыыга сыһыаннаах бырайыагынан кылааска ситимнээх үлэ барбытын, үөрэх кыһаларыгар оҕолор профтурдарын сайыннарарга этии киллэрдэ.
Эмис орто оскуолатын технологияҕа учуутала Ариан Дьячковскай уолаттары сылгыһыт идэтигэр үөрэтиигэ оскуола, нэһилиэк бииргэ үлэлииллэрин туһунан кэпсээтэ, тыа хаһаайыстыбатын техникумун кытта, чуолаан Марфа Егоровнаны кытта үлэлэрин өссө күүһүрдүөхпүт диэтэ. Чапчылҕаннааҕы орто оскуола биисэнэс-инкубатор салайааччыта Илья Артемьев 5 кылаастан саҕалаан уолаттары тимир ууһун идэтигэр бэлэмнииллэрин, бу хайысха болҕомтоҕо ылыллан сайдан эрэрин бэлиэтээтэ. Бу сыллааҕы быыстапкаҕа кини уһуйааччыта Антон Чириков «Бастыҥ резидент» аатын ылбыта эмиэ элбэҕи этэр.
Амматаааҕы лиссиэй дириэктэри информационнай технологияларга солбуйааччы, «Профессионалы» улуустааҕы салайааччыта Николай Петров лиссиэй үөрэнээччилэригэр ЭВМ операторын сибидиэтилистибэтин биэрэрин билиһиннэрдэ, «Профессионалы» чөмпүйэнээккэ көхтөөхтүк кыттарга, онуоха өрөспүүбүлүкэҕэ ирдэнэр хайысхалартан оскуолалар бэйэлэригэр чугас былаһаакканы талан тэрийэллэригэр ыҥырда. Кыайыылаахтар эрэгийиэҥҥэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэхтэргэ кытталларыгар айан, кыттааччы бары ороскуотугар үп-харчы өттүнэн өйөбүл хайаан да наадатан бэлиэтээтэ. Быйыл сайын лицейтэн биэс педагог Хабаровскай куоракка тиийэн дроннары (БПЛА) туттарга үөрэтиигэ анал кууруска баран кэлбиттэрин, бу хайысхаҕа үлэни сайыннарар улахан былаан баарын эттэ. Абаҕа орто оскуолатын дириэктэри үөрэх уонна иитии чааһыгар солбуйааччы Людмила Тритонова уолаттарын механизацияҕа бэлэмнииллэрин, ону таһынан атын оскуола оҕолорун үөрэтэр уопут баарын, ол курдук идэлэри биэрэр оскуолалар атыттары кытта бииргэ ситимнээхтик үлэлэһэн хардарыта үөрэтэллэригэр баҕа санаатын эттэ. Амма 1 №-дээх орто оскуолатын производственнай үөрэхтээһин маастара Мария Сибирякова оскуола үөрэнээччилэригэр суоппар, тырахтарыыс, асчыт, атыылааччы курдук тыа сиригэр наадалаах исписэлиистэр сибидиэтилистибэлэрин үөрэтэн биэрэрин туһунан кэпсээтэ. Маны тэҥэ ыаллыы сытар улуустарбыт курдук Аммаҕа наадалаах идэлэргэ уһуйар биир үөрэх кыһата хайаан да арыллыахтааҕын, онуоха күүскэ үлэлиэх тустаахпыт диэн эттэ.
Чакыр орто оскуолатын 10 кылааһын салайааччыта Мария Кириллина оҕо идэтин таларыгар кини бэйэтэ, төрөппүт уонна оскуола бары бииргэ үлэлиир буоллахтарына үтүө түмүктээх диэн этэр.
Кылаас салайааччыта буоламмын бэһистэри ыларбар тоҕус оҕолооҕум. «Инникигэ билиэт» диэн кылааспыт бырайыагын үлэлэтэн саҕалаабыппыт. Аан маҥнай психологическай кииннэри кытта үлэлэһэн хайысхаларын, интэриэстэрин быһаарбыппыт, салгыы онно барсар идэлэри билсибиппит. Онуоха «Интегра» идэни таларга көмө буолар киини кытта үлэлэһэн оҕолорбут Владивосток, Санкт-Петрбург, Москуба куораттарынан үөрэх кыһаларыгар сылдьыбыттара, Дьокуускай куорат элбэх үөрэхтэрин кэтэхтэн билсибиттэрэ. Бу кэнниттэн ханнык эксээмэннэри (ОГЭ) талалларын быһаарсыбыппыт. Билигин икки оҕобут норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай оскуолаҕа биирбит ыҥырыы тутан, биирбит эксээмэннэрин этэҥҥэ туттаран онно киирдилэр, икки оҕобут дьиэ кэргэнинэн көһөннөр Дьокуускай уонна Покровскай үөрэнээччилэрэ буоланнар ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьаллар. Онон билигин биэс оҕолоохпун. Аммаҕа ыытыллыбыт идэҕэ туһаайыыга анаммыт кэпсэтиини олус интэриэһиргээммин саҕаланыаҕыттан бүтүөҕэр диэри иһиттим, бэйэм уопуппун эмиэ үллэһинним. Улууспут оскуолаларын педагогтара бэйэлэрин хайысхаларынан олус айымньылаахтык үлэлииллэр. Ордук Чапчылҕан, Эмис оскуолаларыгар педагогтар уолаттары кыра саастарыттан сатабылларын сайыннарыыга бииргэ үлэлииллэрин сэҥээрэ иһиттим. Биһиги оскуолабытыгар оскуола уонна нэһилиэк аҕаларын түмсүүлэрэ эмиэ үлэнэн иитиигэ, дьиэ хаһаайынын бэлэмнииргэ эмиэ элбэх өрүттээх үлэни ыыталлар. Марфа Егоровна Дмитриева тыа хаһаайыстыбатын идэлэригэр оскуолалары кытта үлэлэһэрэ үтүө түмүктээх эбит. Улууспутугар идэни биэрэр үөрэх кыһата баар буолара диэн эппиттэрэ олус тоҕоостоох дии саныыбын. Бэйэм химия, биология учуутала буоларым быһыытынан мэдиссиинэ кэллиэһин филиала баар буолуон сөп диибин. Ити филиаллар Чурапчыга, Тааттаҕа үлэлии тураллар. Медиктэргэ билигин нэһилиэнньэ олус наадыйар, онон оҕолорбутун бэйэбит улууспутугар бэлэмнээн таһаарарбыт үөрүүлээх суол буолуо этэ, — диэн Мария Александровна санаатын үллэһиннэ.
- Алтана АРТЕМЬЕВА,
- улуустааҕы үөрэх салалтатын иитэр үлэҕэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ.