Амма улууһун территориятыгар ыам ыйын 7 күнүгэр үс тыа баһаара бэлиэтэммитэ. Түргэн миэрэлэр ылылланнар, тустаах сулууспалар уонна нэһилиэнньэ көмөтүнэн үһүөн умуруорулуннулар. Бу үс баһаар түмүгэр 75 га ойуур уокка былдьанна.
Баһаардары умуруорууга уопсайа 109 киһи үлэлээтэ.
Икки баһаар бэҕэһээ умулларыллыбыт эбит буоллаҕына, биир хаалбыты бүгүн күнүс кыайдылар.
-Хомойуох иһин, үс баһаар үһүөн дьон буруйуттан таҕыстылар. Бастакы баһаар буруйдааҕа булуллубута, административнай эппиэтинэскэ тардыллыа, итиэннэ манна ороскуоттаммыт үбү, хоромньуну төнүннэриэҕэ. Икки баһаар буруйдаахтарын көрдүүргэ үлэ барар. Санатар эбит буоллахха, ойуурга тахсыбыт хоромньу уопсай суумата 10 000 солк. улахан буолар түгэнигэр буруйдаах дьон уголовнай эппиэтинэскэ тардыллаллар. Умулларыыга сылдьыбыт дьон үлэлэрин, хамнастарын, ороскуоттарын төлүүр. Амма оройуонугар бэлиэтэммит икки баһаарга вертолет көттө, ол ороскуотун сокуон быһыытынан эмиэ буруйдаах төлүө. Онон кусчуттар, булчуттар, сынньанааччылар ойуурга сэрэхтээх буолуҥ диэн өссө биирдэ ыҥырабын. Бары быраабылалары тутуһун, баһаары көрөр түгэҥҥитигэр суһаллык ЕДДС, эбэтэр лесничествоҕа биллэрин,- диэн Амма улууһун ойууру харыстыыр сулууспа салайааччыта Николай Иванов санатар.
«Амма олоҕо» хаһыат.