Амма улууһугар бүгүҥҥү күҥҥэ быыбардааччы 64,55 бырыһыана куоластаата

Быыбар иккис күнэ түмүктэннэ. Учаастактааҕы быыбар хамыыһыйалара иһитиннэрэллэринэн, бүгүн олохтоохтор эмиэ сарсыардаттан кэлэн быыбарга кытыннылар. Иккис күммүт түмүгэ хайдаҕый?


Амматааҕы ТИК биэрбит даннайдарынан улуус үрдүнэн 6701 быыбардааччы ытык эбээһинэһин толорон, бырыһыан 64,55  буолла. Ол курдук учаастак тас өртүгэр 434, бу күн пропискаларыттан атын сиргэ  510 киһи куоластаатылар. Сарсын быһаарыылаах түмүктүүр күн.

«Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше