Бүгүн быыбар үһүс түмүктүүр күнэ. Үгэс быһыытынан быыбардыыр учаастактар сарсыарда 8 чаастан аһыллан, бастакы быыбардааччыларын көрүстүлэр.
Улуустааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Наталья Алексеева иһитиннэрбитинэн күнүс 12 чаас түмүгүнэн быыбардааччы уопсай ахсаана муниципальнай быыбардарга 51,27 бырыһыан, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыбарга кыттыыта 51,98 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ.
“Быйылгы быыбарга түмүктэри икки бөлөҕүнэн таһаарабыт. Тоҕо диэтэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыбарга “мобильный избиратель” диэн систиэмэ үлэлиир. Ол эбэтэр Амма улууһугар прописката суох дьон араас биричиинэнэн манна баар буоллахтарына, кинилэр балаҕан ыйын 4 күнүгэр оҥорбут сайабылыанньаларынан Ил Дархан быыбарыгар уонна партияларга манна куоластыахтарын сөп. ҮҺүс күн туругунан быыбар этэҥҥэ баран иһэр. Бары учаастактарга партиялартан кэтээн көрөөччүлэр, уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлииллэр. Бүгүн учаастактар киэһэ 8 чааска сабыллыахтара”, — диэн Наталья Алексеевна иһитиннэрэр.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат