Амма Наахара нэһилиэгэр Билии күнүгэр биология, физика, химия кабинеттара аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир үөрэх тэриллэринэн байытыллан үөрэнээччилэрин көрүстүлэр. “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак Дойду ханнык баҕарар муннуктарыгар кимиилээхтик киирэн оҕолору билиигэ-көрүүгэ сирдиир.
Үлэ Геройа Петр Ионович Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатыгар саҥа үөрэх сылыгар 5 уол маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирдилэр. Кинилэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин туйгуна Надежда Никифорова салайар алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ буоллулар.
Быйылгы үөрэх сылыгар оскуолабытыгар 92 үөрэнээччи күннэтэ саҥаттан саҥа билиигэ тардыһан үүнүөхтэрэ, сайдыахтара. Билии күнэ Эйэ уруоктарынан саҕаланна. Ол кэннэ кэтэһиилээх бырааһынньыкка ахтыспыт үөрэнээччилэри, учууталлары, төрөппүттэри үөрүүлээх чааска түмтэ. Арассыыйа уонна Саха сирин былааҕын оскуола бастыҥ үөрэнээччилэрэ, 11 кылаас уолаттара Мирослав Романов уонна Талбан Мартынов күүстээх ытыс ньиргиэрин быыһынан дьоһуннаахтык өрө тутан киллэрдилэр. Оскуола боруогун саҥа атыллаабыт, маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрэ Саша Александров, Марк Захаров, Тимур Макаров, Максим Пахомов, Сандал Устинов бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Саҥа үөрэх сылынан оскуола дириэктэрэ Василий Яковлев, Амма Наахара нэһилиэгин Аҕа баһылыга Захар Александров, Амма улууһун экономическай сайдыытын уонна былааннааһынын салаатын салайааччыта Ольга Слепцова, оскуолаҕа барыахтарын иннинэ билии акылаатын уурбут «Дуораанчык» уһуйаан аатыттан иитээччи Татьяна Ефремова бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр, бэлэхтэрин туттардылар. Михаил Романов салайар 11 кылаас үөрэнээччилэрэ «Баҕа санаа аала» аахсыйаҕа кыттан бу күн үөрэнээччи аатын сүкпүт уолаттарга бэлэхтэрин туттардылар. Оскуола бүтүннүү «Махтал Эйиэхэ, учуутал!» Бүтүн сойуустааҕы аахсыйаҕа кыттан сибэкки дьөрбөтүн учууталларга бэлэх ууннулар. Ыҥырыылаах бэтэрээн учууталларга үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Маҥнайгы чуорааны кырачаан Саша Александров уонна 11 кылаас бастыҥ үөрэнээччитэ Алина Мартынова чугдаарда тыаһаттылар.
Бу күн оскуолабытыгар естественнай уонна технологическай хайысхаҕа Лия Устинова салайар физика, Анастасия Тарабукина салайар биология уонна химия билимин хосторугар «Точка роста» Үөрэхтээһин киинэ үөрүүлээх аһыллыыта бэрт сэргэхтик ааста. Саҥа кэлбит цифровой лабораторияны, цифровой микроскобу, үөрэх — билии кыһатын саҥа ирдэбилгэ олоҕуран анаммыт үөрэх тэриллэрин учууталлар үөрэнээччилэригэр билиһиннэрдилэр.
Олоххо ураты суолу хаалларар, билии киэн аартыгын арыйар дьоро күн истиҥ долгуна быйылгы үөрэх сылыгар элбэх ситиһиилэри, айымньылаах үлэни аҕала туруохтун!
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА,