Амма улууһугар икки нэһилиэккэ быыбар учаастактара сабылыннылар

Амма улууһун территориальнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ  Наталья Алексеева иһитиннэрбитинэн, киэһэ 20 чааска Чакырга уонна Сатаҕайга быыбар түмүктэннэ. Улуус үрдүнэн бу икки нэһилиэккэ 566 быыбардааччы кэлэн быыбарга кыттыы 78, 07  бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ.


“Быыбар икки нэһилиэкпитигэр түмүктэннэ. Хайа да учаастактан үҥсүү  киирбэтэ, кэһии тахсыбата. Нэһилиэнньэ кэлэн көхтөөхтүк кытынна. Ол курдук Чакырга быыбардааччы 79,56 бырыһыана, Сатаҕайга 76,58  бырыһыана бэйэлэрин кандидаттарыгар кэлэн куоластаатылар. Бары бюллетеннэр ааҕыллыннахтарына, кимнээх дьон итэҕэлин ылан баһылык буолбуттарын билиэхпит”,  — диэн Наталья Алексеевна сырдатта.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше