Бүгүҥҥү күн, сэтинньи 2 чыыһылатын туругунан 16 киһи анализтара бигэргэннэ, онтон 4 — оҕо.
Стационарга 4 киһи эмтэнэр, атыттара быраас ыйытыынан дьиэлэригэр олорон эмтэниини ааһаллар. СӨ Роспотребнадзорун салайааччытын Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар солбуйааччы Айаллаана Романова этэринэн, лаборатория бигэргэтэринэн Омикрон штама тарҕанар. Ыарыы чэпчэкитик ааһар эрээри, кутталлааҕа баар, ыарыыны аһарбыт дьон «постковиднай» сыыстарыыны ылаллар (инсульт, сүрэх, сүһүөх ыарыылара уонна да атыттар).
-Ыалдьыбат инниттэн тымныйбыт сибикилээх дьон бырааска көрдөрөн анализ туттараллара булгуччулаах. Санитарнай-противоэпидемиологическай хамыыһыйа быһаарыытынан дьон тоҕуоруһар сирдэригэр (поликлиника, атыы-эргиэн тэиилтэлэригэр, аптекаларга уо .д.а. сирдэргэ) маска кэтэллэрэ ирдэнэр. Ону таһынан үөрэх тэрилтэлэригэр термометрия, дезинфекция үлэтин күүһүрдүөхтэрэ), биир кылааска (группаҕа) 20% оҕо ыарыйдаҕына карантин биллэриллиэҕэ,- диэн Айаллаана Николаевна иһитиннэрэр.
„Амма олоҕо“ хаһыат.