Амма нэһилиэгэр түөлбэлэр икки ардыларыгар бастакы «Традиционнай ох саанан ытыы» күрэҕэ атырдьах ыйын 23 күнүгэр буолла.
Кылгастык ох саа туһунан киирии тыллаан сибээстээн биэрдэххэ маннык: сахалар Орто Азия омуктарыттан атын ох саалаахтар эбит. Оҕу оҥороллоругар хатыҥ уонна тиит маһы тутталлара. Ол мастарын хатыыс кутунан силим оҥорон силимниилэр. Оҥоһуллан бэлэм буолбутун кэннэ тас өттүн сиик тардыбатын диэн бүтүннүү туоһунан бүрүйэллэр. Ох саа ортото, тутар сирэ тутаах дэнэр, иэҕиллэн токуруйар сирэ чаачар дэнэр, төттөрү токуруйар сирдэрэ кураах диэн ааттаналлар, уонна ону нөҥүө муос дэнэр. Ох саа быата кирис дэнэр.
Кытаанах, күүстээх охтон ытар киһи оҕо ордук күүскэ, ыраахха дылы тэбэр, оннук ытааччыны «Күүстээх эрбэхтээх» дииллэр эбит. Бэгэччэхтэрин кирис охсоруттан харыстаан оҕу тутар илии улахан тарбаҕар дапсы диэн муостан оҥоһуллубут тэрили кэтэллэр эбит.
Ох саанан ытарга икки ньыма баара биллэр, биирэ ыйар тарбаҕынан уонна эрбэҕинэн оҕу кыбытан ыталлар, биирэ ыйар уонна ортоку тарбаҕынан кириһи тиэрэ тутан (спортивнай ытааччылар туталларын курдук гынан баран тиэрэ) ыталлар эбит. Иккис ньыманан ытарга оноҕоско, оххо кирис киирэр олугун биир өттө уһун буолар, ытаргар тарбаххынан туора эһэн кэбиспэт гына.
Ону таһынан ох саанан кыҥаан ытарга холо диэн тэрили тутталлар эбит. Холо — бэлэнчигэ туттарыллар кэрдиистээх чараас мас. Бултуур булдуҥ ырааҕыттан көрөн холо кэрдииһинэн ыйдаран ох сааҥ туһаайыытын туруораҕын. Холобура, бинтиэпкэҕэ миэтирэтин туруорар курдук. Ох сааны куонньалыкка илдьэ сылдьаллар эбит. Куонньалык аллараа өттүгэр ох саа угуллар, үөһээ өттүн ардахха эбэтэр ууралларыгар кэтэрдэллэр. Урукку кэмнэргэ биир үчүгэй ох саа тоҕус атыыр үөрүгэр тэҥнэһэр сыаналаах. Этнографтар суруйалларынан
кыргыс кэмигэр муос ох саа оноҕоһо 200-чэ миэтирэҕэ тиийэрэ, үүнэн турар маһы курдаттыы ытара.
Аммаҕа олоҥхо ыһыаҕар араас улуус ааттаах уустара, ох сааны оҥорор маастардар кэлэн
сахалыы оҥоһуулаах ох саа куонкурус-быыстапкаҕа үлэлэрин көрдөрөн барбыттара.
Ол аата сахабыт сиригэр төрүт ох саа умнуллубакка сөргүтүллэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, сайдан иһэр эбит.
Өбүгэлэрбит муос ох сааны сэрии сэбэ, бултуур тэрил оҥостор эбит буоллахтарына, билиҥҥи кэмҥэ спорт көрүҥэр киирэн сыал ытыытыгар күрэхтэр тэриллэллэр.
Ох саанан ытар киһи илиитигэр күүстээх, сөптөөхтүк тыынын ылан ох сааны халбаҥнаппакка күүскэ тутан, кыраҕы хараҕынан ырааҕы таба кыҥыыр, сыалы таба ытан охторор.
Күн-дьыл туран биэрдэ, тыала суох чуумпу буолан охчуттарга табыгастаах буолла. Күрэх 3 түһүмэхтээх: куобах, кус, тииҥ ытыытыгар байанайдаах булчут буолар иһин киирсии.
Хамаанданан киирсии киһиттэн эмиэ биир туспа эппиэтинэһи ирдиир, олох хамаандабын түһэн биэрбэппин, барыбыт көрдөрүүтэ барыта бииргэ ааҕыллар, ону таһынан түөлбэм дьоно-сэргэтэ миэхэ ыалдьаллар, кыайыыбын күүтэллэр диэн кыттааччыга олох ис санаа оонньооһуна, бэйэҕэ кытаанах ирдэбил эмиэ баар буолара саарбаҕа суох. Күрэх инниттэн бэлэмнэнии, бириэмэни сөпкө аттаран дьарыктаныы — бу барыта күрэхтэһээччигэ, спортсмеҥҥа бастыҥ түмүгү көрдөрөрүгэр тутулуктаах сүрүн быраабыла буолар.
Төрүт ох саанан ытыы күрэҕэ нэһилиэккэ маҥнайгытын тэриллэн 55 ох саанан ытааччыны түмпүтэ бу көрүҥ дьоҥҥо-сэргэҕэ сөптөөҕүн, элбэх киһини тардар күүстээҕин, өбүгэ үгэһэ тыыннааҕын дакаастыыр. Ону күрэх кыттааччылара даҕаны бэлиэтииллэр.
Егор Баранов, өрөспүүбүлүкэҕэ традиционнай ох саанан ытыыга маастарга кандидат:
-Мин кэргэмминээн спорт бу көрүҥүнэн бэйэбит сөбүлээн дьарыктанабыт, мин араас күрэхтэргэ кыттабын, ситиһиилэрдээхпин. Быйыл нэһилиэкпитигэр аан маҥнай түөлбэнэн традиционнай ох саанан ытыыга күрэх тэрилиннэ, элбэх кыттааччы баар. Биһиги түөлбэ аатыттан үһүөн 4 күн «Олимп» стадиоҥҥа бэлэмнэннибит. Ох саанан ытарга дьарык үчүгэй буолуон наада, киһи болҕомтоҕо киирэн, сыалын табарга дьулуһуохтаах.
Ох саа олус интириэһинэй көрүҥ, ханнык баҕар саастан саҕалыахха сөп, сорох улуустарга 80-ча саастаах кырдьаҕастар кытта тэҥҥэ ыталлар. Оҕунан ытыыга сүрүннээн баҕа санаа, фанат буолуоххун наада, оччоҕуна барытын ситиһэҕин. Күрэхтэргэ дистанциялар тус-туспалар, сайыҥҥы дистанция дьахталларга 30 м., эр дьоҥҥо 40 м. буолар, кыһыҥҥы өттүгэр зал иһигэр ытарга арыый чугас, дьахталлар 20 м., эр дьон 25 м. ыталлар. Улууспутугар ох саанан ытыыга хамаандабыт толорута суох, оҕолору үчүгэйдик дьарыктаан, күрэхтэргэ тэҥҥэ илдьэ сылдьыахха наада, оччоҕо уопутуран иһиэхтэрэ. Эһиил Тааттаҕа буолар «Манчаары оонньууларыгар» күүстээхтик бэлэмнэнэн толору хамаанданан кыттыахпытын баҕарабыт. Сүүмэрдээһиҥҥэ хамаанданан 16 иһигэр киирбэхпитинэ күрэхтэһиигэ кыттыбат кутталлаахпыт. Атын улуустар номнуо хаһыс да сыллара дьарыктаммыттара, хас күрэх аайы толору састааптаах кэлэн кытталлар, көрөргө үчүгэйэ бэрт. Оҕолор 4 кылаастан саҕалаан ытыахтарын сөп. Аммаҕа эдэр туристар станцияларыгар ох сааҕа оҕолору педагог Дьячковскай Егор Афанасьевич дьарыктыыр, улахан күрэхтэргэ кытта иликтэр. Мин былырыын тренерэ суох бэйэм дьарыктанан саҕалаабытым, тренер дьарыктыыра хайаан наада эбит, сыыһаларгын игин көннөрөрө, ыйан-кэрдэн биэрэрэ ордук буоллаҕа. Өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр 300-чэкэ киһи буолааччы оҕолуун игин, 2 күнү быһа киэһэ хойукка диэри күрэхтэһээччибит. Аммаҕа оҕунан ытыыга кыттааччылар кыралаан элбээн эрэбит. Ох саа федерациятын бэрэссэдээтэлэ Ион Кононов быйыл ох саа инвентарь, сыал ыларбыта, онон оҕолору, улахан дьону дьарыктыырга үчүгэй тренер баара буоллар өссө үчүгэй буолуо этэ.тСаха ох саатын Мындаҕаайыга Попов Байбал оҥорор. Чурапчылар бары кини оҕунан ыталлар. Улууска ох саа сайдыан сөптөөх эбитин Амма нэһилиэгэр тэриллибит күрэх көрдөрдө. Мин сотору, балаҕан ыйын саҕаланыытыгар, Казахстаҥҥа Астанаҕа «Игры кочевников» күрэххэ Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар баарбынан кытта бараары бэлэмнэнэ сылдьабын. Саха сириттэн иккиэбит.
Виктория Кычкина, ЯТТС 3 куурсун устудьуона:
-Мин 9 кылаас кэннэ орто анал үөрэххэ үөрэнэ барбытым. Ох саанан хаһан даҕаны дьарыктамматаҕым, бу аан бастакыбын түөлбэм аатыттан кыттарбар 4 күн устата Егор Баранов дьарыктаата. Үөрэхпэр 1 курска үөрэнэ сылдьан воздушканан ытар секцияҕа сылдьыбытым, онон сыал ытарбын сөбүлүүбүн. Ох саанан ытар ыарахан эбит, санныгар, илиигэр, сискэр күүстээх буолуоххун наада эбит. Ох саа кирсин күүскэ тардан ыттаххына ыраах сыалы табаҕын, мөлтөхтүк тартаххына ох ыраах көппөт. Ох саанан ытыыны сөбүлээтим, кыргыттарга барсар, улахан ыарахана суох спорт көрүҥэ, дьарыктаныахха сөп эбит дии санаатым. Амма улууһугар бу спорт көрүҥэ сайдыан сөп эбит, улууспут киинигэр Амма нэһилиэгэр ыччат мустан кыһынын, сайынын сынньалаҥын сөптөөхтүк, туһалаахтык атаарарыгар аналлаах киин баара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Күрэх кылаабынай судьуйата, эдэр туристар станцияларын дириэктэрэ, традиционнай ох саанан ытыыга өрөспүүбүлүкэ күрэхтэрин кыттыылааҕа Николай Николаев:
-Быйыл Амма нэһилиэгэр бастакытын ох саанан ытыы күрэҕэ Амма нэһилиэгин дьаһалтата, баһылык Михаил Артемьев уонна Амма улууһугар традиционнай ох саа спордун федерациятын бэрэссэдээтэлэ Ион Кононов көҕүлээһиннэринэн тэрилиннэ. Федерация инвентарьдарынан хааччыйан бу көрүҥ сайдарыгар көмө буолла. Күрэхпитигэр Амма нэһилиэгин 11 түөлбэтиттэн уопсайа 55 киһи кытынна. Балаһыанньанан хамаандаҕа түөлбэттэн 1 эр киһи, 1 дьахтар, 1 оскуола оҕото киирдэ уонна биирдиилээн бастыыр иһин эмиэ кытыннылар.
Судьуйанан Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Василий Дьяконов, нэһилиэккэ спорт инструктор Давид Федоров, сэкирэтээрдэринэн саҥа тахсан эрэр кэскиллээх ох саанан ытааччылар Надежда Филиппова, Ньургуяна Шестакова уонна Евгения Степанова үлэлээтилэр.
Күрэххэ дьахталлар 25 миэтэрэ, эр дьон 30 миэтэрэ, оҕолор 25 миэтэрэ ыраахтан ыттылар.
Күрэх түмүгүнэн бастакы миэстэни «Тэтим» түөлбэ, иккис миэстэни «Хардыы» түөлбэ, үһүс миэстэни «Нэлэгэр» түөлбэ ыллылар.
«Тэтим» түөлбэттэн төрүт оҕунан ытыы күрэҕэр
Любовь, Егор Барановтар дьиэ кэргэттэрэ уонна Виктория Кычкина кытыннылар.
Любовь, Виктория 10-нуу очко, Егор 15 очко ыланнар, хамаанда уопсай очкота 35 буолла. Биһиги дьоммут үһүөн очколарынан бөлөхтөрүгэр бастаан чемпионнаан таҕыстылар. Инникитин түөлбэттэн өссө элбэх киһи кыттарыгар баҕарабыт.
Бу күрэх түмүгүнэн Комплекснай спартакиадаҕа хамаанданы талыы буолла. Үчүгэй бэлэмнээх охчуттар эһиилги «Манчаары оонньуутун» спартакиадатыгар Амма улууһун ох саанан ытыыга сүүмэрдэмммит хамаандатыгар киирэр чиэстэннилэр.
Бу күрэххэ биирдиилээн уонна хамаанданан түмүк таҕыста. Кыайыылаахтар мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланнылар.
Соморсун нэһилиэгэр балаҕан ыйын саҥатыгар традиционнай ох саанан ытыыга комплекснай спартакиада ыытыллара былааннанар.
Традиционнай ох саанан ытыан дьарыктаныан баҕалаахтар элбэхтэрэ билиннэ, ол аата биһиги улууспутугар бу көрүҥ өссө сайдыа турдаҕа.
Чөл олох, спорт, түмсүү, сахалыы төрүт оонньуулар — бу барыта кэскили түстүүр, төрөөбүт түөлбэҕэ тапталы үөскэтэр, дойдунан киэн туттууга сирдиир. Кыраҕы харахтаах, дьулуурдаах, сыалларын ситиһэр, халбаҥнаабат, булгуруйбат санаалаах, кытаанах иҥиирдээх, эрчимнээх дьоммут спортсменнарбыт инникитин да үрдүкү чыпчааллары дабайа турдуннар! Аммабытын аар-саарга аатыртыннар!
Феврония ДАНИЛОВА, «Тэтим» түөлбэ олохтооҕо.