Амма улууһун баһылыгын муҥхатыгар Баай Байанай «мичик» гынна

Эмис нэһилиэгиттэн арҕаа уонча биэрэстэлээх Хойуо Эбэтигэр Амма улууһун баһылыгын иккис төгүлүн ыытыллар муҥхата ыраахтан-чугастан ыалдьыттар кыттыылаах олус көхтөөхтүк, киһи санаата кэлэр гына бултуйуулаах буолла. Өбүгэ саҕаттан саха норуота өрө туппут, баччаҕа диэри илдьэ кэлбит булдун биир көрүҥэ быйыл тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Социалистическай куоталаһыы чөмпүйүөнэ, ССРС кинематографиятын туйгуна, Эмис нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, кадровай булчут, өр сыл устата Эмис муҥхатын салайбыт Афанасий Михайлович Бубякин аатын үйэтитэр сыаллаах икки күн ыытылынна.

Хойуо Эбэтэ — былыр-былыргыттан Амма оройуонун олохтоохторун эрэ буолбакка, ыаллыы сытар Мэҥэ Хаҥаластары эмиэ көмүс хатырыктааҕынан күндүлээн, аһатан-сиэтэн олорбут улахан да улахан иэннээх күөл буолар. Сэтинньи 9 күнүгэр манна ыраахтан-чугастан массыыналарга, тыраахтардарга олорсон дьон бөҕө мустан кыстыыр балыктарын булунаары санаалара кэлэн түөрт муҥханы түһэрдилэр. Тэрээһини улуус дьаһалтатын (баһылык Степан Кузьмин), Эмис нэһилиэгин дьаһалтатын (баһылык Прокопий Бубякин), Е.А. Захарова аатынан Олоҥхо ситимин дьиэтин (дириэктэр Анжелика Иванова) коллективтара биир санаанан кыайа туттулар: муҥханы арыйыы сиэрэ-туома, балыктааһыны салайыы, сылаас астаах — миннээх, алаадьылаах, саламааттаах сандалы — барыта орун-оннугар, кэмигэр дьаһаллан кэлбит дьон бука бары астыннылар.

Икки күннээх атыыр муҥха маҥнайгы күнүгэр 230 киһи кыттыыны ылла диэн салайааччылар аахтылар. Киэһэ лаппа хараҥарыыта кэлбит дьон бука бары инчэҕэйинэн куул чиэппэрдиитэ, уопсайа 160 куул балыктаах дьиэлэригэр санаалара кэлэн, бултуйан айаннаатылар. Бүгүн, алтынньы 10 күнүгэр күөл хаалбыт аҥарын тардаллар.

Атыыр муҥха маҥнайгы күнүгэр Афанасий Михайлович аатынан биригээдэлэр икки ардыларыгар спортивнай күрэхтэһии ыытыллан дьон-сэргэ сэргэхсийдэ. Ол курдук, муҥхаҕа үлэлээбит эр бэртэрэ биэстии киһилээх хамаанда хомунан ойбон алларан 50 миэтэрэҕэ үтүмэх сүүрдэн, кууллаах балыгы сүгэн сүүрэн,  канат тардыһан бастыҥы быһаарыстылар. Түмүккэ «Команда 56» кыайыылаах тахсан, нэһилиэктэр баһылыктарын хамаандата иккис буолан, «Гамма» хамаанда үсүһү ылан улуус баһылыга Степан Кузьмин, Афанасий Бубякин сыдьааннара, олохтоох дьаһалта туруорбут мэтээллэринэн, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Маны сэргэ тэрийээччилэр «Саамай аҕам саастаах муҥхаһыкка» Алексей Гаврильевка, «Саамай эдэр муҥхаһыт» сэттэлээх Захар Никитиҥҥэ, «Муҥханы  өрө туппут дьиэ кэргэҥҥэ» Платоновтарга, «Сыыдам сырыылаах муҥхалаах биригээдэҕэ» — «Команда 56» анал бириистэри туттараннар муҥха көҕүн күөдьүттүлэр.

Хойуо Эбэ барахсан бу да сырыыга кими да матарбакка, күөх хатырыктааҕыттан хото күндүлээн, махтал тылларын истэн ол эһиилгэ диэри иһийдэ. Махтал буоллун тэрийээччилэргэ, чуолаан ааптар аатыттан сымнаҕас олбохтоох массыынатынан илдьэ сылдьыбыт киин бибилэтиэкэ дириэктэригэр Прокопий Прокопьевка. Инникитин даҕаны Баай Байанайгыт өрүү санааҕытын таптын, өлүүгүтүн тосхойо турдун.

 

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше