Амма ыччаттара Сочига Аан дойду ыччатын фестивалыгар кытталлар

Кулун тутар 2 күнүттэн саҕалаан Сочига Аан дойдутааҕы  ыччат фестивала буола турар. Бу улахан Арассыыйа уонна Аан дойду бастыҥ ыччаттарын түмпүт фестивалга Амма улууһуттан ыччаттар эмиэ кытта сылдьаллар. Бу туһунан улуус ыччат уонна социальнай бэлиитикэ управлениетын салайааччыта Саргылана Неустроева төлөпүөнүнэн билиһиннэрдэ.


“Биһиги Амматтан сэттиэ буолан Сочига өссө олунньу 28 күнүгэр тэрээһиҥҥэ көмөҕө кэлбиппит. Ол курдук улуустан  Денис Иванов, Елена Гермогенова, Раиса Иванова, Елена Ногнорутова, Кристина Мухаплева, Николай  Федоров уонна мин. Мантан Денис Иванов уонна Елена Гермогенова өрөспүүбүлүкэҕэ талыыны ааһан кэлбиттэрэ. Онтон Раиса Иванова, Елена Ногнорутова уонна мин стендэҕэ эппиэтинэстээхпит. Николайдаах Кристина «Уран» үҥкүү кэлэктиибигэр киирсэн үҥкүүлүүллэр. Күммүт   сүрдээх түбүктээхтик, биир да мүнүүтэ солото суох ааһар. Бэйэбит Саха сирин хамаандата  дьоһуннаахтык кыттарын инниттэн, бука бары биир хамаанданан үлэлиибит. Уопсайа Сахабыт сириттэн 113 буолан кэлбиппит. Ол иһигэр анал талыыны барбыт 63 кыттааччы, 13 волонтер, ону таһынан спортсменнар. Биһиги фестивальга Саха сирин ыччакка министиэристибэтигэр күүс-көмө буолан стендэлэри туруорабыт.

Стендэҕэ кэлбит атын дойду бэрэстэбиитэллэригэр дойдубут туһунан кэпсиибит. Наһаа интэриэһинэй, күн устата быыстала суох  араас тэрээһиннэр буолаллар. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан ыытыллар маннык киэҥ далааһыннаах тэрээһин 189 дойдуттан кэлбит араас омук ыччатыгар биллэн туран историяҕа тиһиллэр, олохторугар умнуллубат түгэн буолара саарбахтаммат. Тус бэйэм манна кэлэн баран уопут иҥэринээри, элбэххэ үөрэнээри, саҥа-сонун идиэйэлэри көрө сатыыбын, кытта сылдьар Амма ыччаттара бары улууспутугар төннөн баран тугу сайыннарыахха, тугу олоххо киллэриэххэ, ыччакка тугу тиэрдиэххэ сөбүй диэн сыаллаах-соруктаах сылдьабыт”, — диэн Саргылана Неустроева  кэпсиир.

“Амма олоҕо” хаһыат