Бүгүн, атырдьах ыйын 7 күнүгэр, Дьокуускайга Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевы кытта бырастыылаһыы сарсыарда 10 чаастан киэһэ 20 чааска диэри буолар. Амма улууһа ытык киһибитин тиһэх суолугар атаарыыга кыттар.
“Сахабыт сирэ, саха дьоно бу күннэргэ курус санааҕа ылларар. Ытык, сүдү киһибит, сахалары киэҥ билиигэ таһаарбыт бастакы бэрэсэдьиэммит Михаил Ефимович Николаевы кытта бырастыылаһыы бүгүн Дьокуускайга ыытыллар. Биһиги улууспут аатыттан кутурҕаннарын тириэрдэ баһылык Степан Николаевич Кузьмин, ону сэргэ үлэлиир салааларын хайысхатынан үгүстүк алтыспыт дьоммут, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Ольга Петровна Огурешникова, А.А. Черемных аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэрэ, РФ үтүөлээх учуутала «Музыка для всех» диэн Михаил Николаев киллэрбит бырайыагын улуустааҕы куратора Любовь Васильевна Заварзина, Л.В. Киренскэй аатынан лицей дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, «Билиинэн кыайыыга» М.Е. Николаев стипендиатын лауреата уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнин Пуондатын «Во славу и пользу республики» орденнаах Дария Иннокентьевна Захарова биир дэлэгээссийэ быһыытынан бараллар. Ытык киһибит аатын Амма улууһа умнуо суоҕа, өйдүү-саныы сылдьыа…”, — диэн улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова иһитиннэрдэ.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат