Аммаҕа 122 биир кэлим нүөмэр үлэтин саҕалаата

Бу күннэргэ Амма улууһун Киин балыыһата нэһилиэнньэҕэ анаан 122 биир кэлим нүөмэри үлэлэтэн саҕалаата.


Олохтоохтор бу нүөмэргэ эрийэн бырааска суруйтарыахтарын, диспансеризация, вакцинация боппуруостарынан, онтон да атын иһитиннэриилэри ылыахтарын сөп. Бу туһунан Амма улууһун киин балыыһатын сүрүн бырааһа Михаил Архипов маннык билиһиннэрдэ.

“Бу сыл саҕаланыаҕыттан биһиги 122 нүөмэри киллэрэн үлэлэтэн эрэбит. Бу өҥө үлэтин өссө ааспыт сылтан дуогабар түһэрсэн, тустаах исписэлиистэри үөрэттэрэн саҕалаабыппыт. Кини сүрүн сыалынан ыалдьыбыт дьон уһун уочаракка турбакка, төлөпүөн нөҥүө быһа бырааска суруйтаран көрдөрүүлэрэ, эмтэниилэрэ буолар. Өскөтүн бырааска суруйтарыы толору буоллаҕына, ыалдьыбыт киһи тута уочаракка турар. Маныаха медүлэһит уочаракка турбут дьоҥҥо 24 — 48 чаас иһигэр утары эрийэн бириэмэтин чопчулуур эбэтэр киирбит уларыйыылар туһунан биллэрэр. Билигин биир сүрүн кыһалҕабытынан төлөпүөнүнэн  түөкүннээһин, дьону албыннааһын элбээн дьон билбэт нүөмэрдэрин ылбат. Дьэ ол иһин нэһилиэнньэҕэ социальнай ситим нөҥүө өйдөтүү, сэрэтии үлэтин күүскэ ыытабыт”, — диэн Михаил Архипович быһаарда.

Убаастабыллаах олохтоохторо,  122 нүөмэргэ эрийэн баран, утары 8-411-239-83-00 нүөмэр эрийдэҕинэ, бука диэн  эппиэттииргитигэр көрдөһөбүт.

Амма киин балыыһатын пресс сулууспата

Читайте дальше