Россия бэрэсидьиэнин талар быыбар маҥнайгы күнэ түмүктэнэрэ чугаһаан эрэр. Киэһэ 5 чаастааҕы көрдөрүүнэн кыттааччы уопсай ахсааныттан 44,24 бырыһыаннара учаастактарга кэлэн уонна дьиэлэригэр куоластаатылар.
Эбиэт инниттэн саамай үрдүк көрдөрүүлээҕинэн Сулҕаччы буолар. Манна куоластыыр бырааптаах 235 киһи баарыттан 170-на быыбардарын оҥордулар, көрдөрүү 72,34 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Оттон хаалан иһэр көрдөрүүлээх нэһилиэгинэн улуус киинэ буолар, Аммаҕа 1302 киһиттэн 437 куоластаабыт, көрдөрүү 33,56 тэҥнэстэ. Ол эрээри, быыбар хамыыһыйатын чилиэннэрэ этэллэринэн, манна күргүөмнээх кэлиини үлэ чааһын кэнниттэн уонна өрөбүл күҥҥэ күүтэллэр.
“Амма олоҕо” хаһыат.