Аммаҕа чолбоннор өркөн өй оонньууларын бэркэ сэргээтилэр

Саха норуодунай суруйааччыта В.М. Новиков — Күннүк Уурастыырап аатынан кииннэммит бибилэтиэкэҕэ «Чолбон» сурунаал «Чолбон — өй күрэһэ» диэн саха литэрэтиирэтин билиини тургутар, дьиэ кэргэнинэн ааҕарга уһуйар интэриэһинэй оонньуута буолан ааста. Оонньуу уопсайа түөрт түһүмэхтээх. Биир чаас устата барбыт оонньууга кимнээх кыайыылаах таҕыстылар, кимнээх аны саас муус устарга өрөспүүбүлүкэҕэ киирэр буоллулар, Өлүөнэ очуостарыгар сынньана барар путевканы ылар кыахтаннылар?


Оонньууну ыыта «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов бэйэтинэн уонна бу оонньуу ааптара, сурунаал эппиэттиир сэкэрэтээрэ Туйаара Павлова кэллилэр. Бу иннинэ кинилэр Таатта уонна Чурапчы улуустарыгар сылдьыбыттар, кыайыылаахтары быһаарбыттар.

«Биһиги бу быйылгы оонньуубутун Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар анаатыбыт. Онон оонньуубут балаһыанньатынан дьиэ кэргэттэр үс көлүөнэ түмсэн кытталлар. Оонньуубутун иккис сылбытын ыытабыт. Аан бастакы оонньуубутун эһиги биир дойдулааххыт Баһылай Харысхал аатыгар оҥорбуппут. Быйыл улаатыннаран, саха литературатын барытын хабан туран «Чолбон өй күрэһэ» өркөн улахан өй оонньуута диэн ыыта сылдьабыт. Кулун тутар 4 күнүттэн саҕаламмыта.  Бу бырайыак дьиэ кэргэнинэн ыытыллан ааҕар дьиэ кэргэни булан ааттарын дьоҥҥо-сэргэҕэ ааттаттыы, билиһиннэрии буолар. Ону сэргэ сурунаалбыт ааҕааччыларын сэргэхситэр, кинилэргэ болҕомто биэрэр санааттан саҕаламмыта. Бырайыакпытын тэрийэн таһаарааччыбыт «Сахабэчээт» тэрилтэтэ, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, национальнай бибилэтиэкэ, «Саха» НКИК өйөөбүттэрэ уонна партнер быһыытынан кыттыһаллар», — диэн Гаврил Андросов билиһиннэрдэ.

Өркөн өй улахан оонньуутугар уопсайа 8 дьиэ кэргэн кытынна. Ол курдук Амматтан, Чакыртан, Чапчылҕантан, Сатаҕайтан, Бөтүҥтэн саха литэрэтиирэтин сэҥээрэр, ааҕалларын сөбүлүүр ыаллар ох курдук оҥостон кэлэн кытыннылар. Оооньуу хайдах барарын ааптар Туяра Павлова быһааран, бэрт сэргэхтик, суһаллык барда. Ол курдук уопсайа түөрт түһүмэхтээх: саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэр, бастакы норуодунай суруйааччылар, сэрии саҕанааҕы уонна кэннинээҕи литэрэтиирэ уонна билиҥҥи кэм суруйааччылара. Түһүмэхтэр араас суол боппуруостаахтар, кыттааччылар сөптөөх эппиэттэри 15 сөкүүндэ иһигэр талыахтаахтар. Саамай интэриэһинэйэ диэн хас түһүмэх аайы кэнниттэн ыытааччы тута сөптөөх эппиэти экраҥҥа таһааран иһэр. Дьэ манна сөпкө таайбыттар ытыстарын таһынан, сыыспыттар  «оо дьээ» диэн айманар саҥалара  иһиллэн, ким сөптөөхтүк эппиэттээбитэ биллэн истэ. Кыттааччылар бары олус көхтөөхтүк, умсугуйан туран оонньоотулар, эрбии тииһин курдук эрийистилэр. Онон дьэ түмүккэ, түөрт түһүмэх түмүгүнэн кыайыылаахтар быһаарыллыннылар. Манна ыытааччылар соһуйуохтарын иһин 3 хамаанда очколара тэҥнэһэн, үһүс миэстэни ылар иһин  тута эппиэттэри биэрэн күрэхтэстилэр.

 

 

Түмүккэ үһүс миэстэҕэ Чапчылҕантан Татьяна Петровна, Александра Валерьевна Семеновтар уонна сиэн кыыс В.К. Короленко аатынан Амма 1№-дээх орто оскуолатын 10- с кылааһын үөрэнээччитэ Айза Дмитриева таҕыстылар. Иккис миэстэ Изабелла Автомоновна, Сахаяна Степановна Яковлевтар, сиэн кыыс В.Г. Короленко аатынан Амма 1№-дээх орто оскуолатын 7 “в” кылааһын үөрэнээччитэ Соня Яковлева  буоллулар. Онтон кыайыылаах аатын  Сатаҕайтан кэлбит Анна Ксенофонтовна, Лия Владимировна Андреевтар, сиэн уол Е.А. Шишигин аатынан орто оскуола 6 -с кылааһын үөрэнээччитэ Андриан Андреев  сүктүлэр уонна улуус чиэһин көмүскүү Дьокуускай куоракка баран кыттыыны ылыахтара.

 

 

Кэлэн билиилэрин өркөн өй улахан оонньуутугар тургуппут дьиэ кэргэттэр бары туоһу суруктары туттулар, онтон кыайыылаахтар бэлиэ суруктары,  бараммат баай – кинигэ бэлэҕинэн наҕараадаланнылар. Очколары ааҕыыга кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрин э.т. Юрий Шишигин күүс-көмө буолла уонна түмүккэ барҕа махтал тылын этэн, инникитин маннык оонньууларга ааҕааччылар көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥырда. Онтон “Чолбон” сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов оонньууну тэрийсибит бибилэтиэкэ кэлэктиибигэр махтанна.

 

“Наһаа үчүгэй интэриэһинэй оонньуу. Түөрт түмүһэх ыйытыыларга эппиэттээн кыайыылаах тахсан үөрдүбүт. Бэрт түргэн-тархан оонньуу эбит. Элбэҕи биллибит. Ордук чуолаан сэрии саҕанааҕы  уонна кэннинээҕи  литэрэтиирэ диэн түһүмэххэ уустук соҕус буолла. Дьокуускай киирэн кыахпытынан күрэхтэһиэхпит, үчүгэйдик бэлэмнэниэхпит буоллаҕа. Оонньууну тэрийээччилэргэ махтал”, — диэн кыайыылаах Андреевтар дьиэ кэргэн санааларын үллэһиннилэр.

Оонньуу салгыы Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майаҕа айаннаата.

“Амма олоҕо” хаһыат

 

 

Читайте дальше