Аммаҕа эдэр оһуокайдьыттар түһүлгэлэрэ тэрилиннэ

Улуустааҕы култуура уонна үөрэх салалталарын  көҕүлээһиннэринэн Айыы дьиэтигэр «Оһуордаах оһуокай үҥкүүтэ – барыбыт түмсүүтэ» диэн оҕолор икки ардыларыгар улуустааҕы күрэс буолла. Бастаабыт оһуокайдьыттар сотору буолуохтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ улуус аатыттан кытта барыахтара.


Күрэс үөрүүлээх аһыллыытыгар култуура салалтатын начаалынньыга Иван Иванов, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх учуутала, оһуокайдьыт, тойуксут, уһуйааччы Александра Артемьева, Ф.Ф.Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин салаатын сэбиэдиссэйэ, оһуокайы көҕүлээччи, тарҕатааччы Анфиса Федорова, үөрэх салалтатын исписэлииһэ Алтана Артемьева эҕэрдэлэрин, баҕа санааларын эттилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар киэҥ эйгэҕэ биллэр уһуйааччы Александра Артемьева, алгысчыт Василий Кочаткин уонна айар куттаах тыл маастара Наталия Рязанская үлэлээтилэр.

Оһуокайдьыттар 7-12 саастаахтарга уонна 13-18 саастаахтарга арахсаннар кытыннылар. Барыта 13 оскуолаттан 30 оҕо оһуокайы таһаарда. Түмүккэ кыра саастаахтарга 1 миэстэ Айсена Чирикова, лиссиэй, 4 кылаас  (салайааччыта Ромина Федорова), 2 миэстэ Алеша Шишигин, лиссиэй, 4 кылаас (салайааччыта  Варвара Сивцева), 3 миэстэ Даниель Никитин, Амма Наахара, 3 кылаас (салайааччыта Туйаара Мартынова), улахан саастаахтарга 1 миэстэ Ньургуйаана Неустроева, Алтан, 11 кылаас (салайааччы Альберт Неустроев), 2 миэстэ Кристина Карманова, Абаҕа, 11 кылаас (Мария Адамова), 3 миэстэ Надя Дьяконова, лиссиэй, 10 кылаас (салайааччы Анна Кириллина) буоллулар. Муҥутуур кыайыылаахтар салайааччылара Амматааҕы А.А.Черемных аатынан искусство оскуолатын уһуйааччыта Ромина Федорова уонна Алтаннааҕы «Иэйии» В.В.Ноев аатынан култуура киинин уус-уран салайааччыта Альберт Неустроев Махтал Суругунан бэлиэтэннилэр.

«Бу күрэһи үтүө үгэскэ киллэрэн сыл аайы ыытарга былаанныыбыт. Эһиилгиттэн оҕолору үс бөлөххө арааран ыытыахпыт. Ол аата биир оскуолаттан 3 кыттааччы кэлиэҕэ. Быйыл салайааччыларга аналлаах маастар кылаастары уһуйааччылар Александра Артемьева, Ромина Федорова ыыппыттарын куруук тэрийэр наада. Фольклор көрүҥнэригэр оскуола саастаах оҕотуттан саҕалаан үлэлэстэхпитинэ үтүө түмүктээх, кыайыылаах буолуоҕа. Үөрэх салалтатын кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэрсэн үлэбитин салгыы ыытар баҕа санаалаахпыт. Маны тэҥэ оһуокай, олоҥхо түмсүүлэрэ кыттыһан үлэлииллэрэ көдьүүстээх буолуоҕа. Быйылгы күрэскэ тэринэн кэлбит бары салайааччыларга улахан махталбытын тириэрдэбит,»- диэн санаатын үллэстэр култуура салалтатын исписэлииһэ Анна Кириллина.

Алтана АРТЕМЬЕВА

Читайте дальше