Амма улууһугар экологическай сэбиэт мунньаҕа буолла. Мунньахха СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн Саха сирин айылҕа харыстабылыгар уонна экологияҕа үөрэхтээһин сүрүн исписэлииһэ Ньургуйаана Гуринова, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова, улуустааҕы айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Евгений Егоров, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, учууталлар уонна общественниктар кыттыыны ыллылар. Манна Амма улууһугар экологическай култуура, иитии, үөрэхтээһин уонна үөрэҕирии систиэмэтин үрдэтии боппуруоһа турда.
Амматааҕы Л.В. Киренскэй аатынан лиссиэй биологияҕа уонна географияҕа учуутала Алена Вячеславовна Быстрова мунньах туһунан: «Экологическай култуура, иитии, үөрэхтээһин уонна үөрэҕирии систиэмэтин боппуруоһа билиҥҥи кэмҥэ сытыытык турар. Мунньахха хас биирдии кыттааччы бэйэтин тус санаатын, этиитин киллэрбитэ оруннаах. Үөрэх эйгэтэ саҥа үрдүк таһымҥа тахсыа турдаҕа. Онон, Аммаҕа Экологическай сэбиэт мунньаҕа үрдүк таһымнаахтык ааспытыттан биһиги учууталлар үөрдүбүт”- диэн этэр.
Оттон министиэристибэ исписэлииһэ Ньургуйаана Сергеевнаны Аммаҕа сырыытын түмүктэрин туһунан маннык сырдатар:
— Биһиги, СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэһиттэрэ 2007 сылтан «Айылҕа уонна мин» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи акцияны ыытабыт. 2007 уонна 2023 сылы иккиэннэрин тэҥнээн көрдөххө дьон култуурата олуһун диэн үрдээтэ. Билигин олус элбэх общественник уонна блогер оҕолор баар буолбуттар, кинилэр уонна энтузиаст учууталлар, иитээччилэр айылҕа харыстабылыгар үлэни ыыталлара хайҕаллаах. Үлэбит аҥаардас оскуолаҕа оҕолору үөрэтии эрэ диэн буолбакка кыра оҕолоох ийэлэр дьиэлэригэр экологическай иһити, оонньууру туһаналлар, наһаа интэриһинэй ньымалары тутталлар. Билиҥҥи оҕолор кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйилэри, харамайдары адьас кыра саастарыттан билэллэр. Холобур быһыытынан этэр эбит буоллахха урут «Ньургуһун күнэ» диэн бэлиэтэммэт этэ. Саас дьон тыаҕа тахсан ньургуһуну үргүүллэрэ. Өскөтүн билигин кыра оҕо ньургуһуну үргээбит киһини көрдөҕүнэ тута бэлиэтээһини оҥорор. Ол чэрчитинэн оҕолорго «Сохраним подснежник» диэн экологическай акцияны тэрийэн ыытабыт. Сахабыт сирин Амма, Өлүөнэ уонна Бүлүү өрүстэрин күннэригэр кинилэри өрүү харыстыыр сыалтан кыратыттан улаханыгар тиийэ субуотунньукка көхтөөхтүк кытталлар. Бу барыта дьоҥҥо экологическай сырдатыы үлэтин күүскэ ыыппыппыт бэлиэтэ буолар. Оттон Аммалар бу экологическай үөрэҕириигэ наһаа үчүгэйдик үлэлэһэллэр. Үтүө үгэскэ кубулуйбут «Саха сирин күөх пионердара» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи сүлүөтү тэрийэн ыытабыт. Манна оскуола оҕолоро кэлэннэр көхтөөх кыттыыны ылаллар, интэриэһинэй бырайыактары көмүскүүллэр. Маны таһынан быйыл Тааттаҕа буолбут “Күн Сардаҥата” диэн научнай-чинчийэр экологическай экспедицияҕа Амматааҕы лиссиэй үөрэнээччилэрэ интэриэһинэй сонун бырайыактары көмүскээтилэр. Онон, эһиил сайын Аммаҕа буолуохтаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-чинчийэр экологическай экспедицияны бары биир сомоҕо буоламмыт тэрээһиннээхтик ыытыахпыт диэн эрэнэбин.
Артем Осипов