Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун үлэһит кадрдары бэлэмниир Киин Амма оройуонугар бэрэстэбиитэлэ Марфа Егоровна Дмитриева 2019 сылтан мүөттээх ыҥырыаны иитиигэ теорияны кытта практиканы ханыылаан курстары ыытар, зуумунан үөрэтэр.
Мин 2020-2021 сылларга Ефремовка нэһилиэгэр икки сайын ыҥырыа иитэ сылдьыбытым, ол эрээри уопут тиийбэккэ тохтоон баран эһиилгиттэн эмиэ дьарыктанаары, техникум ыытар 3-с үөрэҕэр киирэн үөрэнэ сылдьабын.
Бу Киин 2020-2023с.с. уопсайа 19 улахан дьону үөрэппититтэн 15 босхо, 4 киһи төлөөн үөрэннилэр. Ол дьонтон 14-дэ ыҥырыаны иитиинэн билигин дьарыгыра сылдьаллар, сорохторо араас хайысхалаах судаарыстыба көмөтүн ылан бэйэ дьыалатын тэринэн, бородууксуйаларын улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ атыыга таһаараллар. Билигин үөрэнэн бутэрбиттэртэн 5 киһи бастакы сылларын иитэллэр уонна инникитин кэнэттинэргэ санаалаахтар, өссө 5 киһи аны сааскыттан иитэр баҕалаахтар.
Бастакы үөрэммит 5 курсистан Эльвира Пестерева, Саргылана Рожина билигин ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларын биһиги “Пчеловод” группаттан билэ олоробут. Тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар 2022с. Амма мүөтэ өрөспүүбүлүкэҕэ 2-с миэстэни ылбыта, ону таһынан Россия Торговай-промышленнай палатата Саргылана мүөтүн сакаастаан ылбыта. Онон, аҕыйах сыл иһигэр сайдан билигин бэйэлэрэ үөрэтэр учууталларбыт буоллулар.
Саха сиригэр, Аммаҕа бастакы көлүөнэ дьарыктанан эрэр буоллахпытына, Башкирияҕа сэттис көлүөнэ дьарыктанар тигээйи иитээччилэрин кытта көрсөн, уопут атастаһан, элбэх билии кэһиилээх кэллилэр. Эльвира Васильевнаны Амма улууһун тигээйи иитээччилэрин Ассоциациятын бэрэссэдээтэлинэн таламмыт 2021 сылтан үлэлиир, сүбэ-ама биэрэр. Кини үөрэхпитигэр икки төгүл кэлэн үөрэттэ. Бастакытыгар ыҥырыаны көрүү-харайыы туһунан кэпсээтэ, иккиһигэр практическай өттүн көрдөрдө. Сорох дьон тигээйиттэн мүөтүн эрэ туһаналлар дии саныыллар. Онно билбиппит, саха убаһатын курдук, тигээйи эмиэ туга да ордубакка, туох баара барыта туһаҕа тахсар эбит. Ол курдук, буоска наһаа эмтээх буоларын биллибит, хас биирдии үөрэнээччигэ бэйэбитигэр ууллаттаран, хайдах иһиккэ кутары, упаковкаҕа угары, суруйары оҥотторон көрдөрдө. Бэйэтэ оҥорбут, хайдах туттуллара ыйыллыбыт, хас биирдии бэйэбитигэр 4 көрүҥ маас ырысыабын биэрдэ. Маны барытын интернеттэн үөрэтэн, уопут атастаһан билбитин-көрбүтүн биһиэхэ тиэрдэр. Интернеттэн үөрэтэрдээҕэр, үлэлии сылдьар киһи көрдөрө-көрдөрө быһаарара быдан түргэнник тиийэр. Иммунитеты күүһүрдэргэ, тымныйыыга туттуллар, ыарыыны үмүрүтэргэ, доруобуйаҕа улахан туһалаах буосканы кэпсээтэ. Эльвира Васильевна буосканы уулларан сүһүөххэ, арыыны, сымыыт араҥаһын уонна буоска, прополис састааптаах маастары, настойкалары бэйэтэ оҥорор.
Ыҥырыа тоҥмотун диэн дьааһыгын үөһэ өттүгэр холуста тэлгэнэр, онно мунньуллубут прополиһын ыалдьар сиргэ тутан, эбэтэр ингаляторга уган тымныйыыны эмтэниэххэ сөп. Мүөтү сиидэлииргэ сиидэҕэ уурар маарылабыт эмиэ туһалаах эбит, баанньыкка эти-сиини тупсарар, тириини эмтиир. Суотаны мүөтүнэн толордохторуна ыҥырыалар сабан бэчээттээн кэбиһэллэр, ону мүөтү сүүрдүөх иннинэ быһаҕынан кыһыйаҕын, ол забрус дэнэр, ону ыас гына ыстаатахха тиискэ, миилэҕэ туһата улахан эбит. Тигээйи сибэккиттэн атаҕар сыһыаран аҕалар пыльцатын туспа эмиэ хомуйан ылыахха сөп.
Тигээйилэрим кыайан кыстаабакка өлбүттэрин кэннэ, мин хайдах туттары сатаабаккабын баанкаҕа кутан хатара ууран кэбиспитим. Өлбүт да тигээйи туһалаах эбит, ол подмор диэн ааттанар, сахарнай диабеттан, ырарга өҥнөнөр уонна амтанныын чэй буолар. Ити курдук Эльвира Васильевна сүбэтэ элбэх.
Тигээйи туһата олус элбэх, айылҕаҕа сибэкки арааһын түргэнник элбэтэрин Ефремовкаҕа илэ көрөн итэҕэйбитим.
Ону таһынан үөрэхпитигэр, Саргылана Рожина кэргэнинээн Тимофейдыын тигээйини кыһыҥҥыга көһөрүү үлэтигэр өссө биир практиканы көрдөрдүлэр. Берендей диэн тугун биллибит. Ийэ тигээйини хайдах иитэн таһаарары, онно сөптөөх инвентарьдар хайдах туттуллалларын кытта билистибит.
Бу икки үлэһит, тигээйи иитэр дьиэ кэргэн баҕалаахтара утары баран пасекаларыгар улейдары туруортарыахтарын сөп эбитин, ону таһынан ким баҕалааҕы Киин нөҥүө пасекаҕа маастар кылаастары биэрэн уопуттарыттан бэрсэр баҕалаахтарын эттилэр. Онон дьарыктаныан баҕалаахтарга суол аһаҕас. Мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэр ассоциацияларыгар киирэн, медогонканан туһаныы, чэпчэтиилээх улейдары атыылаһыы курдук көмө араас көрүҥүн ылыахха сөп.
Үөрэтэр кииммитигэр быйылгы дьылга саҥа киирбит «Мин бастакы идэм» диэн бырайыагынан оскуола үрдүкү кылаас 13 үөрэнээччитэ «Пчеловод» идэтин ыллылар. Онон Амма тигээйини иитээччилэрин кэккэтэ сыллата хаҥыыр, тигээйиттэн ылыллар араас бородууксуйа нэһилиэнньэ биһирэбилин ылла. Улууска, тыа хаһаайыстыбатыгар тигээйини иитии — биир саҥа, улахан инникилээх салаа буолан олохтоохтук киирдэ. Манан туһанан, учууталларбытыгар истиҥ махтал тылларын этэбит уонна үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт.
Лариса НИКИФОРОВА-Баһылай кыыһа.