Бүгүн Амма нэһилиэгэр биир баараҕай тутуу олоххо киирэр бэлиэ түгэнэ буолла. “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн “Ыраас уу” диэн бырайыагынан ууну ыраастыыр станция бастакы түһүмэҕэ түмүктэнэн үөрүүлээх арыллыыта буолла. Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев видеоконференция сибээһин нөҥүө эҕэрдэтин тириэртэ.
Станция Амма нэһилиэгин олохтоохторун ыраас, хаачыстыбалаах уунан хааччыйар соруктаах. Ол курдук 2022 сылтан тутуута саҕаланан бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Станция сууккаҕа 1500 куб ууну эргитэн 1100 куб ууну ыраастыыр күүстээх. Иккис түһүмэх быйылгы сылтан саҕаланара былааннанар. Оччотугар ититии ситимигэр холбонон олорор олохтоохтор бары ыраас уунан хайа баҕарар сылы эргиччи туттар кыахтаналлар. Дойду Бэрэсидьиэнэ бэйэтин Федеральнай Мунньахха этиитигэр куорат, тыа сирин олохтоохторун ыраас хаачыстыбалаах уунан хааччыйыы сүрүн сорук буолуо диэн этэн туран “Ыраас уу” бырайыак салгыы үлэлиэ диэн эппитэ. Санатан эттэххэ бу бырайыак 2021 сылтан “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэлии турар. Өссө 2021 сыллаахха оччолорго улуус баһылыга Николай Архипов тутууга солбуйааччыта Виктор Смирниковка сорудах биэрэн, ол түмүгэр бырайыак оҥоһуллан, экспертизаны ааһан, станция тутуута өрөспүүбүлүкэ эбийиэктэрин бырагырааматыгар киирэрэ ситиһиллибитэ. Дьэ ол кэнниттэн өр туруорсуллубут тутуу национальнай бырайыакка киирэн бүгүн бастакы сүрүн түһүмэҕэ түмүктэннэ.
“Бу эбийиэк сакаасчытынан өрөспүүбүлүкэ дьиэ -уот коммунальнай хаһаайыстыбата буолар. Билэргит курдук тутуута 2022 сыл бэс ыйыттан саҕаламмыта. Бу Амма нэһилиэгин ыраас уунан хааччыйыыга бастакы түһүмэҕэ буолар. Тутууну Марк Кононович Федоров салайааччылаах “Вариант Плюс” ХЭТ хаачыстыбалаахтык болдьоҕор тутан бүтэрдэ. Сүрдээх улахан үлэ ыытыллынна. Ол курдук Амма өрүстэн Короленко хайатын анныттан саҕаланан, ууну хачайдаан ылыыга ситим тардыллан, өрүскэ түһүүгэ, 16 миэтэрэ дириҥнээх холуодьас хаһыллан, уопсайа 7,5 км турба тардыллынна. Билигин уу барар турбата “”Стадион” хочуолунайга тиийэн турар. Аны инникитин бу хочуолунайтан ыраастаммыт уу ыалларга тиийиэхтээх. Быйылгы сылга өссө сыл бүтүөр диэри “Ыраас уу” бырайыагынан Алтаҥҥа станция киириэҕэ”, — диэн Виктор Владимирович билиһиннэрэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны СӨ ГУП ОДьКХ генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев кыттыыны ылла. Виталий Семенович бэлиэтээбитинэн, бу станцияны кытта өссө бэйэтэ туспа хочуолунай, насоснай станция, дизельнай станция тутуллуннулар. Бастакы түһүмэх түмүктэнэн, аны иккис түһүмэх салҕаныахтаах.
“Иккис түһүмэххэ 11 км уу ситимэ тардыллан киин ититэр ситимҥэ холбоммут биирдиилээн дьиэлэргэ тиийиэхтээх. Бу үлэлэри сотору кэминэн саҕалыахпыт диэн эрэнэбин”, — диэн Виталий Семенович этэр. Кини бэйэтин эҕэрдэ тылыгар станция бастакы сыбаайатын түһэрбит Николай Архиповы сылаас тылынан аҕынна. Салгыы бэйэлэрин эҕэрдэлэрин олохтоохторго, тутааччыларга Амма улууһун баһылыгын тутууга солбуйааччы Виктор Смирников, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, ГУП ОДьКХ Амматааҕы филиалын дириэктэрин э.т. Сергей Решетников тириэртилэр. Тутууну ыыппыт “Вариант Плюс” ХЭТ дириэктэрэ Марк Федоров символическай күлүүһү ГУП ОДьКХ генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев туттарда.
Амма олохтоохторун ыраас уунан хааччыйыахтаах сүҥкэн социальнай суолталаах эбийиэк өрөспүүбүлүкэҕэ бу күн үлэҕэ киирбит 12 эбийиэктэртэн биирдэстэрэ буолла. Маннык бэлиэ түгэҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев видеоконференция сибээһинэн тахсан эҕэрдэ тылын тириэртэ, ыраас уунан нэһилиэнньэни хааччыйыы бастатан туран кини доруобуйатыгар ураты суолталааҕын, онон маннык ууну ыраастыыр станциялар салгыы тутуллуохтарын, куруутун болҕомто киинигэр буолуохтарын эттэ, улуус олохтоохторугар эҕэрдэтин тириэртэ.
“Амма олоҕо” хаһыат