Аммаҕа сэрии кэмигэр ыһыах

2021 сыллаахха Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Арассыыйа музейдарын сойууһун Президиумун бочуоттаах чилиэнэ, Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураларын үтүөлээх үлэһитэ Егор Шишигин “Аммаҕа сэрии кэмигэр ыһыах. 1944 сыл” диэн Амма улууһугар тэриллибит ыһыах түгэннэриттэн сэдэх хаартыскалардаах альбом кинигэтин бэлэхтээбитэ. Кинигэ аан тылыгар Егор Спиридонович Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Амма дьоно хорсуннук сэриилэспиттэрин сиһилии ахтыбыт. Итиэннэ бу алдьархайдаах сэрии бара турдаҕына, уһун тохтобул кэнниттэн 1944 сыллаахха баартыйа Саха сиринээҕи обкомун уурааҕынан дойдубутугар ыһыахтар тэриллэн ыытыллыбыттарын суруйбутуттан быһа тардан бэчээттиибит.


Ыһыахтар ыытыллыбыт сыаллара-соруктара ыар сүтүктээх, аччык дьон санаатын көтөҕүү, сомоҕолоһуу. Ити кэмҥэ сут-кураан сыллар ааһан, өҥ дьыллар кэлэн эрэр кэмнэрэ эбит. Республика үгүс итэҕэстэри таһаарбыт салалтата уһуллан, саҥа салалта үлэтин саҕалаабыта, Совнарком председателинэн Илья Егорович Винокуров анаммыта.

Биир бастакынан ити сылга Аммаҕа ыһыах тэриллибит. Бу ыһыах туһунан бэртээхэй фотоальбом Москваҕа Россия Аныгы историятын музейыгар (урут Революция киин музейа) Клавдия Ивановна Кирсанова фондатыгар уурулла сытар. Кини Емельян Михайлович Ярославскай кэргэнэ. 1944 сыллаахха партия КК үлэлии сылдьан, командировкаҕа Дьокуускайга кэлэ сылдьыбыт, Аммаҕа ыһыахха ыалдьыттаабыт.

Бу ыһыахха Бөтүҥ, Абаҕа, Солобуода олохтоохторо, холкуостаахтар кыттыбыттар. Дьокуускайтан ыҥырыылаах ыалдьыттары кытта Саха театрын артыыстара, обком эппиэттээх үлэһиттэрэ суруйааччылар, учуонайдар сылдьыбыттар. Ыһыахха кэлбит дьону аатырбыт норуот ырыаһыта Екатерина Иванова эҕэрдэлээбит. Сорох кэпсээнинэн биллиилээх ырыаһыт Ольга Иванова бэйэтин ырыаларын толорбут курдук. Федот Федотович Потапов эмиэ бу ыһыахха кыттыбыт буолуон сөп. Бу альбом этнографическай өртүнэн олус улахан суолталаах: сахалыы таҥас, ат киэргэлэ, чорооннор, ыҥыырдар, ыһыах аһылыга, оһуохайдааһын, оччотооҕу дьон таҥаһа-саба уо.д.а. бэрт дьэҥкэтик көстөллөр.

1944-1945 сылларга өҥ дьыллар буоланнар, Кыайыы чугаһаан, бааһырбыт саллааттар төннөн, олох сыыйа тупсан барбыта, сир-дойду аайы харах уулаах ыһыахтар тэриллибиттэрэ. 1945 сыллаахха умнуллубат Улуу Кыайыы ыһыахтара буолбуттара…

1944 сыллаахха Аммаҕа ыһыллыбыт ыһыах туһунан киинэҕэ устубуттарын Ил Дархан Айсен Николаев телеграмм ханаалыгар таһааран биһигини өссө үөрдүбүтэ, Олоҥхо ыһыаҕын иннинэ соһуччу бэлэх оҥорбута. Айсен Сергеевич киинэ хантан көстүбүтүн туһунан маннык махтанан суруйбут:

На Ысыахе Олонхо нам представилась уникальная возможность посмотреть фильм о праздновании Ысыаха в 1944 году! Это настоящая история. Фильм был обнаружен в фондах Российского государственного архива кинофотодокументов. Ровно 80 лет уникальная кинопленка хранилась в Красногорском киноархиве! Установлено, что празднование, запечатленное на кинопленке оператором Громодзинским, происходит в Амгинском улусе. Это действительно прекрасный подарок всем жителям Амгинского улуса и настоящая связующая нить времен! Кроме того, национальный праздник в годы Великой Отечественной войны — это символ подвига духа, возрождения веры и начала новой жизни. Выражаю большую благодарность Национальному центру аудиовизуального наследия народов РС (Я) за проделанную работу!

Онон быйыл Аммаҕа ыһыллыбыт Олоҥхобут ыһыаҕа Кыайыыны аҕаллын, Эйэни түстээтин!

 

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше