Амма улууһун ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Эдуард Прокопьев иһитиннэрбитинэн от ыйын 6 күнүн туругунан улууска 7 ойуур баһаара баар.
“Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан уопсайа улууспутугар 11 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ. Мантан күн бүгүн 7 баһаар хаалла. Олус куйаас күннэр тураннар, этиҥнээх ардахтар түмүктэригэр бу баһаардар таҕыстылар. Ол курдук билигин баар 7 баһаартан 4-дэ от ыйын 4 күнүгэр түүҥҥү кураанах этиҥтэн тахсыбыттара. Билэргит курдук бэс ыйын 30 күнүгэр улуус баһылыгын 976 нүөмэрдээх дьаһалынан улууска баһаартан сэрэхтээх буолууга ураты эрэсиим олохтонон турар. Ол эбэтэр бу эрэсиим кэмигэр нэһилиэнньэ тыаҕа сылдьара булгуччу бобуллар. Улууска өрөспүүбүлүкэ гидрометкиинин сабаҕалааһынан үрдүк V кылаастаах баһаар куттала олохтонно. Онон олохтоохтор тыаҕа тахсыылара, анал техникаттан атын техника ойуурга киириитэ бобуллар. Ыаллыы сытар Уус Майа улууһугар билигин баһаарынай турук олус уустук. Онон бука бары сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт. Күөх суугун айылҕабытын харыстыаҕыҥ, ханна да сырыттарбыт болҕомтолоох буолуоҕуҥ”,— диэн Эдуард Трофимович иһитиннэрдэ.