Аммаҕа сыл бастакы оҕото – кыыс

Валерий уонна Мария Яковлевтар сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан алаһа дьиэлэрин аал уотун оттон буруоларын унаарыппыттара быйыл уон ордугуна үһүс сылыгар үктэннэ. Эдэр дьон нохтолоох сүрэхтэрэ толугуруу мөхсөн уолуктарыгар түһэр уохтаах тапталларын туоһута – икки хороччу улаатан эрэр уол оҕолоохтор. Онтон саҥа сылга үктэнээт, тохсунньу 3 күнүгэр күүтүүлээх үһүс оҕолоро – ылгын кыысчааннара Амма алгыстаах халлаанын анныгар бастакынан күн сирин көрдө.
Бүгүн улуус баһылыга Степан Кузьмин, Амматааҕы социальнай харысхал управлениетын салайааччы Любовь Дорофеева уонна социальнай эйгэ уонна ыччат бэлиитикэтигэр управление салайааччыта Саргылаана Неустроева Яковлевтар дьиэ кэргэттэригэр ыалдьыттаатылар. Ыалларга иллээх олоҕу, туйгун туругу баҕарар алгыстаах тылларын этэн туран сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Маны сэргэ Яковлевтар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аатын сүкпүттэринэн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ийэ хапытаала” уонна “Сүүс сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал сертификаттарын биэрдилэр.
Ыал аҕата Валерий Валерьевич туйах хатарар икки уол оҕо кэннэ кыыстанан үөрэн көтүөн кынат эрэ тиийбэт. “Үһүс эмиэ уол буолуо дии санаабыппыт, кыыс кэллэ. Ааппытын тала иликпит. Дьэ, талыахпыт”, — диэн санаатын үллэстэр.
Биһиги эмиэ Яковлевтар дьиэ кэргэттэрин истиҥник эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт сырдык күн аргыстаах эриэ-дэхси олох суолун, дьол дьоһунун, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны.

Олег Егоров.