Үлэ уонна нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениетын нөҥүө кыһалҕалаах дьон, инбэлииттэр көмө тэриллэри уларсык ылыахтарын сөбүн туһунан элбэх киһи билбэт буолуохтаах. Ханнык тэриллэр баалларын, төһө болдьоххо уларсыахха сөбүн туһунан “Күөх ыллык” реабилитационнай кииҥҥэ инбэлииттэри реабилитациялыыр исписэлиистэн Марина Афанасьеваттан ыйыталастыбыт.
-Олус туһалаах, көмөлөөх өҥө быйылгыттан баар буолла. Ону нэһилиэнньэ үчүгэйдик билэ, истэ илик эбит. Билиҥҥитэ биһиги управлениебытыттан сытар ыарыһах элбэх функциялаах анал оронун, ходуноктары, 1, 4 атахтаах торуоскалары, баттык мастары, көлөөскөлөрү, көһөрүллэ сылдьар пандустары уларсыахтарын сөп. Инникитин Үлэ уонна социальнай көмүскэл министиэристибэтин көмөтүнэн тэриллэрбит ахсаана өссө хаҥыыра былааннанар. Табыгастааҕа диэн, дьон бу тэриллэри үс ый болдьоххо буор босхо уларсар кыахтаахтар. Наада тирээтэҕинэ уһатан биэриэхпитин сөп. Онон чахчы дьон эрэйин, кыһалҕатын чэпчэтэр өҥө буолара саарбаҕа суох,- диэн Марина Семеновна түмүктүүр.
Оттон бу өҥөнү интэриэһиргээбит, сэргээбит дьон “Күөх ыллык” кииҥҥэ 8-411-42-27-3-25 төлөпүөнүнэн эрийэн билсиэххитин сөп.
«Амма олоҕо» хаһыат.