Бүгүн улууспут баһылыга Николай Архипович Архипов букатыннаахтык олохтон барбыта биир сыла. Атырдьах ыйын 27 күнэ биһиги сүрэхпитигэр биир курус күнүнэн хаалыа.
Николай Архипович улууска баһылыгынан талыллыаҕыттан аммалары түмэргэ туох баар өйүн-санаатын барытын уурбута. Кини түмсүүлээх буоллахпытына, бары биир санаалаах буоллахпытына барытын кыайыахпыт диэн бигэ санаалааҕа. Ол иһин ханна да буоллар “аммалар биирбит” диирэ. Онно өссө күлсэр буоларбыт. “Бииргэбит дуу биирбит дуу”. Ону кини “биирбит” диирэ. Билигин кэлэн санаатахха кини бу тылга ураты суолтаны укпут эбит. “Биирбит” – ол аата бары бары биир санаалаахпыт, биир сыаллаахпыт-соруктаахпыт, бары биир киһи курдук Аммабыт сайдыытын туһугар олоробут, үлэлиибит. Николай Архипович бу санаатын үлэлиирин тухары тутан кэлбитэ уонна элбэҕи ситиспитэ.
Киһи бу сиргэ аҥардас үлэтинэн эрэ буолбакка, бастатан туран кини дьоҥҥо үтүө сыһыанынан, киһи киһитэ буоларынан бэйэтин аатын хаалларар. Биһиги улууспут баһылыга оннук киһи этэ. Төһө да улахан эппиэтинэстээх дуоһунастаах буоллар, кимиэхэ баҕарар истиҥник сыһыаннаһара уонна кэпсэтэрэ, кимиэхэ да бардамсыйан көрбөтөҕө. Ол оннук бу сиртэн барбыта. Ол иһин үгүс киһи кини суох буолбутун олус харааста истибиттэрэ, наһаа соһуйбуттара, хомойбуттара. Бэл билбэт, көннөрү тэлэбиисэринэн көрөн, хаһыаттан ааҕан эрэ билэр дьон, кытта хомойбуттара, “хаарыаннаах киһи барда” диэн аммаларга бэйэлэрин кутурҕаннарын тириэрдибиттэрэ. Ол буоллаҕа эбээт, киһиэхэ үрдүкү наҕараада – дьон-сэргэ билиниитэ, сүгүрүйүүтэ. Суох буолбутугар айар куттаах дьон бэйэлэрин санааларын хомоҕой хоһоонунан тириэрдибиттэрэ. Маннык боростуой дьон билиниитин ылыы – мээнэ буолбатах. Маннык билиниини киэҥ, ыраас дууһалаах дьон эрэ ылаллар. Николай Архипович оннук киһи этэ. Бүгүн Николай Архиповичпыт суох буолбут күнүгэр, кини туһунан олус истиҥ хоһоону Улар Моисеев суруйбутун таһаарабыт. Бүгүн Николай Архиповичпыт суох буолбут күнүгэр, кини туһунан олус истиҥ хоһоону Улар Моисеев суруйбутун таһаарабыт.
Амма Эбэ Уолугар
Аммалар биһиги сүрэхпитигэр
Оспот бааһы ыллыбыт —
Иннибитигэр уктар Баһылыкпыт,
Кэрэмэс бэйэлээх киһибит,
Уола хаан хоһууммут,
Сырдык ыраас Кэскилбит
Араҕыста, барда соһуччу !!!
Улууһун сайдарын туһугар
Айар -тутар былааннардаах,
Ымыы- ыра санаалардаах ,
Ону олоххо киллэрэргэ,
Ис сүрэҕиттэн ылсыбыт ,
Сүүрэн -көтөн дьаныспыт ,
Сыратын -сылбатын бараабыт,
Амматын туһугар турууласпыт,
Баар -суох киһибит,
Адьас эдэр кэмигэр,
Үлэтин -хамнаһын үгэнигэр
Модун күүстээх сүрэҕэ
Тохтообута абалааҕын !
…Хараҕым таптыы көрөрө
Дьоһун холку көрүҥүн ,
Киэн тутта саныырым —
Үрдүк көнө таһаатыттан.
Үйэбэр аҕыйахта көрүстэҕим
Борустуой көнө майгыны ,
Сааһым тухары саныаҕым
Кини дьоҥҥо сыһыанын…
Бар дьоно өйдүөхтэрэ —
Хайдахтаах кэрэ киһитин !..
Үтүө дьоннор бараллар
Күһүөрү сайын санньыарыгар.
Амма Эбэм сөҥүөрбүт
Мааны уолун аһыйан…
Быдан дьылларга
быраһаай,
Амма Эбэ хоһууна ,
Саха киһитин саарына!