Чурапчы нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мама, папа и я – вместе мы сила» диэн доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолоох дьиэ кэргэннэр икки ардыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ Амма улууһун хамаандалара ситиһиилээхтик кытыннылар.
Бу күрэхтэһиигэ илин эҥэр улуустарыттан 8 хамаанда кэлэн кыттыыны ылла. Ол курдук Таатта, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан биирдии уонна Нам улууһуттан, Чурапчы уонна Амма улуустарыттан иккилии хамаанда кэлэн бастыҥы быһаарыстылар. Хамаандалар 6 көрүҥҥэ оҕолор төрөөбүт сылларынан көрөн икки бөлөҕүнэн күрэхтэстилэр. Ол курдук, 1 бөлөх 7-10 диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэн, 2 бөлөх 11-14 саастаах оҕолоох дьиэ кэргэн. Тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэринэн бастакы бөлөххө 1 миэстэ – Чурапчы, 2 миэстэ – Амма, 3 миэстэ – Нам. Манна биһиги улууспутун Константин Константинович, Мария Анатольевна уонна Мирослав Неустроевтар көмүскээтилэр. 2 бөлөххө 1 миэстэ – Амма, 2 миэстэ – Нам, 3 миэстэ – Мэҥэ Хаҥалас хамаандалара буоллулар. Бу бөлөххө Амманы Тимур Гаврильевич, Надежда Владимировна уонна Милана Артемьевтар өрө таһаардылар.
Амма улууһун ситиһиилээхтик көмүскээбит дьиэ кэргэннэри уонна кинилэри арыаллаан кытыннарбыт Амматааҕы Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан оҕо спортивнай оскуола доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору дьарыктыыр отделение тренерэ Екатерина Сивцеваны чаҕылхай ситиһиилэринэн истиҥник эҕэрдэлиибит.
“Амма олоҕо” хаһыат.