Аммалар икки күн олоҥхо алыбар умсуохтара

Бүгүн Амма улууһугар «Ыччат олоҥхолоох айана: ноо!» бырайыак үлэтин саҕалаата. Саха өрөспүүбүлүкэтин национальнай бибилэтиэкэтэ, Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы института уонна Олоҥхо ассоциациятын кыттыгас бырайыактара Амма улууһугар икки күннээх киэҥ программалаах.

Айар бөлөҕү Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн проректора, культурология наукатын кандидата, култуура туйгуна Зоя Стрекаловская уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Саха Сирин норуоттарын тылларын уонна култуураларын сыыппараҕа үйэтитэр салаатын сүрүннүүр библиографа, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин уонна СӨ бэчээтин туйгуна Анисия Иевлева салайан илдьэ сылдьаллар. Кинилэри Айыы дьиэтигэр көрсүүгэ Амма улууһун баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова эҕэрдэлээтэ.

«Олоҥхолоох айан: ноо!» ыччат десана алгыстаах Амма сиригэр икки күн үлэлиирэ былааннанар.

БДестант кыттыылаахтара бүгүн, ахсынньы 14 күнүгэр киэһээ 16 чаастан  Амма нэһилиэгин олохтоохторун Айыы дьиэтигэр олоҥхо истиитигэр ыҥыраллар.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Улуустааҕы култуура управлениетын хаартыскаларын туһанныбыт.

Читайте дальше