Дьокуускай куоракка I өрөспүүбүлүкэтээҕи «Барҕарыы” сахалыы тылынан үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ ыытылынна.
Кэмпириэнсийэҕэ араас улуустартан 7-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, уопсайа 380 оҕо кэлэн 16 сиэксийэнэн дакылааттарын аахтылар. Бу кэмпириэнсийэҕэ Амма улууһуттан барыта 16 оҕо 15 дакылаатынан кытынна. Оҕолор бары дакылааттарын сахалыы тылынан, сахалыы таҥнан, сахаларын киллэрэн туран көмүскээтилэр. Иккис күн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Күн» оҕо түмсүүтүн тэрээһинигэр сырыттылар, бэстибээлнэй тэрээһиннэргэ кытыннылар. Түмүктүүр тэрээһин Саха театрыгар буолла. Кэмпириэнсийэҕэ Чакыр оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Максимова Уйгулаана ускуустуба сиэксийэтигэр «П.А. Ойуунускай оҕолорго аналлаах айымньыларынан открыткалары оҥоруу» дакылаатынан «Кылаан Чыпчаал» бэлиэ суругунан наҕараадаланна. Салайааччыта Шадрина Нюргуяна Васильевна. Амма лиссиэйин 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Давыдова Сардана, кыраайы үөрэтии сиэксийэтигэр «Историяны сөргүтүү – ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу (Саһыл Сыһыы “муустаах» осадатын холобуругар)» диэн дакылаатынан бастакы миэстэни ылла. Салайааччы — Ноговицына Мария Дмитриевна. Соморсун оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Лебедева Анжелина, экономика, бэйэ оҥорон таһаарыы сиэксийэтигэр “Бэйэ оҥоруу мыылата” үлэтинэн II миэстэ буолла. Салайааччы Федорова Анастасия Алексеевна. Амма Наахара оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Зыкова Наина, история сиэксийэтигэр «Гаврильев Дмитрий Николаевич: “Олоҕум тухары кырдьык иһин охсуһуом!» дакылаатынан II миэстэҕэ таҕыста. Салайааччыта Григорьева Надежда Аркадьевна. Чакыр оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Новгородов Эдуард, кыраайы үөрэтии сиэксийэтигэр “Амма улууһугар Устин Нохсооробу үйэтитээһини чинчийии” үлэтинэн III миэстэни ылла. Салайааччы Николаева Дария Ефимовна. Бу курдук оҕолорбут ситиһиилээтик кыттан Аммаларын ааттаттылар.
оҕолор уонна учууталлар туоһу суругунан бэлиэтэннилэр. Эһиилги кэмпириэнсийэҕэ өссө элбэх оҕо Амматтан кыттыан баҕарабыт. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарын улуустааҕы үөрэх салалтата көҕүлээн илдьэ сырытта, кэлэ-бара айаннарын босхо тэрийдэ.
Эмма Давыдова, улуустааҕы үөрэх управлениетын исписэлииһэ