Бүгүн муус устар 26 күнүгэр, улууспут баһылыгынан таһаарыылаахтык үлэлээбит, бэйэтин киэҥ-холку майгытынан дьоҥҥо дириҥ убаастабылы ылбыт, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Николай Архипов баара буоллар 55 сааһын томточчу туолуо этэ.
Бүгүн биһиги улууспут баһылыгынан үлэлээбит Николай Архипов күн сирин көрбүт күнүгэр, кинини баһылык быһыытынан буолбакка, Амматын олус таптыыр, кини патриотун быһыытынан көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт. Кини биир улахан, үйэлэргэ хаалбыт дьаһалынан Амма өрүс күнүн олохтообута буолар. Ол курдук от ыйын 21 күнүгэр биһиги Амма өрүспүт күнүн бэлиэтиибит. Николай Архипович бу күнү баар суох ыраас уулаах өрүспүтүн харыстыыр, кини уһун сылларга долгуннура уста турдун диэн сыаллаах олохтообута. Айылҕатын олус сөбүлүүрэ. Саас, өрүс эстиитин эрдэттэн кэтиирэ, ол туһунан социальнай ситим нөҥүө олохтоохторго билиһиннэрэрэ. Сарсыарда эрдэ, бэлэсипиэтигэр олорон өрүскэ киирэн, төлөпүөнүгэр устара уонна кэпсиирэ. Онон бары өрүспүт хайдах туруктаммытын билэ олорорбут. Онно биэрэккэ тиийдэҕинэ, бэйэтин курдук ыраас салгыҥҥа хаама сылдьар дьону көрсөн истиҥник кэпсэтэн ааһара, сонунун кэпсиирэ. Николай Архипович биир саамай сөбүлээн сылдьар сиринэн Арҕаа дэриэбинэ үрдэ этэ. Онно тиийэн үөһээттэн, Амматын кэрэ көстүүтүн хаартыскаҕа түһэрэн, бэйэтин страницатыгар таһаарара.
“Биһиги айылҕа маанылаабыт оҕолоро буолабыт. Саха сирэ барыта биһиэхэ ымсыырар. Хайдах курдук кэрэ сиргэ олорорбутун бэйэбит да билбэппит. Онон бачча үчүгэй сиргэ олорор дьон буоларбыт быһыытынан аммалар ханна да биир буолуохтаахпыт. Өйдүүн-санаалыын, үлэҕэ-хамнаска барытыгар. Айылҕабыт барахсан хайдах курдук кэрэний! Киһи тыаҕа сырыттаҕына дууһалыын сынньанар. Онтон өрүспүт туһунан киһи эппэт даҕаны. Кини ыраас уутугар тымныы да күҥҥэ түһэн ыллахха, олох чэбдигирэ түһэҕин”, — диир буолара.
Николай Архипович киһи быһыытынан наһаа истиҥ санаалааҕа. Киэҥэ-холкута. Хайа да ыгылыйбыт киһи кинини кытта кэпсэттэҕинэ, улам уоскуйан хаалара. Бүгүн биһиги ытыктыыр улууспут баһылыгын 55 сааһын туолбут үбүлүөйдээх күнүгэр кини түһэрбит Амма күһүҥҥү, кыһыҥҥы айылҕатын үйэтиппит хаартыскаларын кытта билиһиннэрэбит. Манна барыта кини дойдутугар уостубат таптала иҥэ сылдьар…
“Амма олоҕо” хаһыат