Амма нэһилиэгин олохтооҕо Анастасия Давыдова ыытыллар быыбардарга куруутун сахалыы таҥаһын кэтэн кэлэр. Ааспыт быыбарга эмиэ сахалыы таҥнан кэлэн элбэх киһи сонургуу да, сэргии да көрбүтэ.
„Биһиги аҕам саастаах дьон быыбары улахан бырааһынныьк курдук саныыбыт. Ол курдук бу күн биһиги дойдубут бэлитиичэскэй олоҕор суолталаах быыбары оҥорон, кини инники биэс сылга сайдар олугун уурсабыт, онно кыттыһан бэйэбит санаабытын этэбит. Биһиги дойдубут сайдыылаах, кэнчээри ыччаттарбыт этэҥҥэ буолалларыгар, нус-хас олох кэлэрин туһугар куоласпытын биэрэбит. Онон маннык суолталаах күн саха буолан сандааран сахалыы таҥаспын таҥнабын. Тоҕо кини ыһыах эрэ күн кэтиллэн баран ыскаапка ыйанан туруохтааҕый. Инникитин буолар быыбардарга бука бары сахалар буоларбытынан бэйэбит национальнай таҥаспытын таҥнан, киэркэйэн, санаабытын өрө көтөҕөн туран быыбардыы кэлиэҕиҥ диэн ыҥырабын“, — диэн Анастасия Сергеевна санаатын этэр.
Ааптар: „Амма олоҕо“ хаһыат