Амма улууһугар баһылык бэрэссэдээтэллээх экологическай сэбиэт тэриллэн үлэлиир. Сэбиэккэ туһааннаах үлэһиттэри сэргэ, уопсастыбаннай экологтар, уопсастыбанньыктар киирэллэр. Кинилэр бары олус көхтөөх, дойдуларын айылҕатын чөл хаалларыыга сүрэхтэринэн ыалдьар дьон буолаллар. Онтон биирдэстэрэ Анна Шишигина буолар. Анна Зиновьевна Ил Дархан Айсен Николаев кулун тутар 13 күнүгэр тулалыыр эйгэ чөл хаалыытын туһунан таһаарбыт Ыйааҕар саҥа эбии дьаһаллары киллэрбитин бэркэ сэҥээрдэ уонна биһирээтэ.
“Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев өссө 2018 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ экология өртүнэн этэҥҥэ буолуутун хааччыйыыга бэйэтин Ыйааҕын таһааран турар. Ол Ыйааҕын өссө кэҥэтэн, айылҕа өттүттэн куттал үөскүүр түгэнигэр бэлэмнээх буолуу, айылҕа ресурсаларын сиэрдээхтик туһаныы туһунан киллэрдэ. Мин бу Ыйаахха биһигиттэн, хас биирдиибититтэн тутулуктаах экологическай култуураны тиэргэнтэн, дьиэ кэргэнтэн саҕалаан сайыннарыахха наада диэн этиитин биһирээтим уонна олох сөптөөх диэн сыаналыыбын. Биһиги билигин айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны олох кыра оҕо эрдэхтэн иитэн таһаарыахтаахпыт. Ыраастык туттунан олоруубут, бөҕү-сыыһы хомуна сылдьарбыт барыта бэйэбиттэн тахсыахтаах, кэнчээри ыччаппытыгар бэйэбит холобур буолуохтаахпыт. Ити этиилэри сэргэ Айсен Сергеевич тулалыыр эйгэҕэ антропогеннай сабыдыаллааһыны намтатыыга ыллыллар дьаһалларын сэргээтим. Ол курдук биһиги улууспутугар эмиэ кытаанах коммунальнай тобохтор хараллыыларыгар бэрээдэктээһин үлэтэ салгыы ыытыллыан баҕарабын. Итини тэҥэ тыа баһаардарыттан эмсэҕэлээбит ойуурдары чөлүгэр түһэрэн лесопитомниктары тэрийии эмиэ олус сөптөөх этии. Биһиги улууспутугар бу эмиэ үлэни ыытар кыахтаахпыт. Оннук үлэ кыралаан барар даҕаны. Манна эдэр натуралистар станциялара, учуонайдарбыт ылсан үлэлэһиэхтэрин сөп. Онно биһиги, уопсастыбаннай экологтар күүс-көмө буоларга бэлэммит. Аар айылҕабытын, тулалыыр эйгэбитин бэйэбит харыстаабатахпытына, ким харыстыай. Айылҕаттан ылары эрэ сатаабакка, киниэхэ биэрэри эмиэ сатыахха наада”, — диэн Анна Зиновьевна санаатын тириэрдэр.
“Амма олоҕо” хаһыат