Анна Томская “Аммалар кылыһах-кырыымпа оҥоруутугар биир бастыҥнар истэригэр бааллар”

Дьокуускай куоракка мас «Мас уустарын тойуга»  диэн чороону, спортивнай ох сааны уонна кылыһах — кырыымпаны оҥорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх буолан ааста. Бу бэрт интэриэһинэй, айар тутар талааннаах дьоммутун тургутар, маастарыстыбаларын үрдэтэр, уопут атастаһыннарар күрэх “Строительный” диэн атыы-эргиэн быыстапкалыыр павильоҥҥа ыытылынна. Амма улууһуттан икки  маастар киирэн эмиэ кыттыыны ыллылар. Оҥоһуктары сыаналыыр экспердэр ортолоругар биир дойдулаахпыт, “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөҕүн салайааччыта, СӨ үтүөлээх артыыската Анна Томская үлэлээтэ. Биһиги киниттэн күрэх уонна аммалар кыттыыларын туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт.


“Күрэхпит сүрдээх тэрээһиннээхтик уонна таһымнаахтык ааста. Аан бастакытын ыытылынна. Күрэҕи Руслан Готовцев салайааччылаах Саха сирин уустарын сойууһа, Софья Попова салайааччылаах норуот уус уран оҥоһуктарын харыстыыр уонна сайыннарар Киин  автономнай коммерческай суох тэрилтэтэ уонна биһиги Сергей Зверев -Кыыл Уола аатынан национальнай үҥкүү тыйаатырын иһинэн баар “Кыл Саха” ансамбылбыт тэрийдэ. Биһигини Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков уонна култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ өйөөтүлэр. Маастардар икки күн устата күрэхтэстилэр. Бу күн кылыһах-кырыымпа алыптаах тыаһа кутулунна. Бары үнүстүрүмүөннэргэ оонньоон көрдүбүт, тыаһын иһиттибит. Манна Амматтан икки маастар кытынна. Ол курдук Соморсунтан Айаал Белолюбскай уонна Алтантан Семен Неустроев.

 

Уолаттар маладьыастар. Семен лауреат аатын ылыыга бэрт кыранан тиийбэтэ. Онон кини “Дьүүллүүр сүбэ биһирэбилэ” диэн номинацияны ылла.

 

Айаал да куһаҕана суох кытынна. Кылыһах — кырыымпатын тыаһа олус үчүгэй. Маастардар эрдэттэн соҕотуопкаларын илдьэ кэлбиттэрэ уонна икки күн устара ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Амма улууһугар кылыһах-кырыымпаҕа оонньооһуҥҥа элбэх үлэ бара турар. Манна өрөспүүбүлүкэ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Алексеевич Неустроев наһаа үчүгэйдик үлэлэһэр, үгүс үлэни ыыта сылдьар. Биллэрин курдук аны сайын ыытыллыахтаах олоҥхо ыһыаҕар аммалар 100 кылыһахха оонньоон ыһыах биир ураты көстүүтэ буолуохтаах. Онон бу ыытыллыбыт күрэх маастардарга тирэх буолбута буолуо диэн эрэнэбит. Уолаттарга өссө инники ситиһиилэри баҕарабын”, — диэн Анна Ивановна санаатын үллэһиннэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше