Аня Александрова: “Сайыммын туһалаахтык атаардым”

Амматааҕы академик Л.В. Киренскэй аатынан лиссиэй бастыҥ үөрэнээччитэ Аня Александрова бэҕэһээ бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта бастакы үөрэх күнүн көрүстэ. Кини быйылгы сайынын бэрт туһалаахтык атаарда уонна саҥа күүһүнэн саҥа үөрэх дьылын саҕалаата.


“Мин сайыммын туһалаахтык атаардым. Ол курдук үөрэнэн бүтэн баран, кыратык сынньанаат “Азимут” диэн эдэр туристар станциялара тэрийэр лааҕырыгар сырыттым. Онно салайааччыбыт Григорий Дмитриевич Попов. Кини биһигини наһаа үчүгэйдик дьарыктаабыта. Бэйэм кини салайар куруһуогар сылдьабын. Онон лааҕырбытыгар куруһуокпутугар дьарыктаммыт дьарыкпытын хатылаабыппыт.

 

Өссө да аны сайын бу лааҕырбар эмиэ барыам этэ. Ону кытта төрөппүттэрбин кытта теплоходунан Өлүөнэ очуостарыгар сынньанан кэлбиппит эмиэ наһаа астык этэ. Хайалар олус кыраһыабайдарын сөхтүм. Үөһээ тахса сылдьыбытым. Олус үрдүктэр. Онно сылдьан өссө айаннаан иһэн бизоннары иитэр сиргэ сылдьан бизоннары көрбүтүм. Өссө барыта кумах арыыга тохтуу сылдьыбыппыт. Эмиэ бэйэтэ дьикти сир. Сайын устата доҕотторбун кытта дуоһуйа сынньанан, Амма өрүскэ сөтүөлээтим. Мин быйыл төрдүс кылаас буоллум” , — диэн Аннушка Александрова сэмэй кэпсээннээх буолла.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше