Амма Наахара нэһилиэгэр түөлбэнэн күрэхтэр сыллата ыытыллаллар. Маны барытын нэһилиэк спорка инструктора Мария Заборовская иилиир-салайар. Быйыл сомоҕолоһуу күнүн көрсө өбүгэбит төрүт оонньуутун тэрийдилэр.
Хабылык, хаамыска күрэҕэ үгүс күрэхтэһээччини түмтэ. Күрэҕи сүрүннүүр судьуйа Гаврильева Нина Романовна көрдө-иһиттэ. Оонньуу үс бөлөҕүнэн арахсан ыытылынна.
1 бөлөххө оскуола үөрэнээччилэрэ күрэхтэстилэр. Манна1 миэстэни “Аргыс” түөлбэттэн Эрчим Александров, 2 миэстэни “Аргыс” түөлбэттэн Амелия Алексеева ыллылар.
2 бөлөххө 18-тан 40 саастарыгар диэри эдэр дьон кытыннылар. 1 миэстэни “Аргыс” түөлбэттэн Светлана Алексеева, 2 миэстэни эмиэ “Аргыс” түөлбэттэн Иван Пахомов, 3 миэстэни “Сайдам” түөлбэттэн Мария Заборовская ылан кыайыы баалын түөлбэлэригэр аҕаллылар.
3 бөлөххө, 40 саастарыттан үөһэ оонньооччуларга 1 миэстэни “Аргыс” түөлбэттэн Петрова Мотрена Петровна, 2 миэстэни “Кэскил” түөлбэттэн Гаврильева Нина Романовна, 3 миэстэни “Сайдам” түөлбэттэн Никифорова Любовь Павловна ыллылар.
Уопсай түмүккэ 1 миэстэ “Аргыс” түөлбэ, 2 миэстэ “Сайдам” түөлбэ, 3 миэстэ “Маяк” түөлбэ буоллулар. Сомоҕолоһуу күнүн көрсө сахалыы остуол оонньуутун Амма Наахаралар бар дьонноругар, оҕолорго көрдөрөн истиҥ мичээрдэрин бэлэх ууннулар. Бары биир санаанан үөрэн-көтөн күрэхтэн дуоһуйан тарҕастылар.
Ирина Корякина – Олесова.