Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов бу күннэргэ хомуур үлэтин билсэллэр. Уһун ардахтар кэннилэриттэн дьэ күммүт тыган, кураан күннэр түһэн хомуур күргүөмнээхтик ыытыллар.
“Биһиги баһылыкпыт Степан Николаевһы кытта Бөтүҥ, Соморсун, Абаҕа уонна Сэргэ Бэс нэһилиэктэригэр сылдьан хомуур үлэтин билистибит. Билэргит курдук уһун ардахтар, күммүт дьылбыт мэһэйдээн хомуур үлэтэ тохтоон кэриэтэ турбута. Дьэ бу аҕыйах күн бэттэх күммүт тыган, бурдук хаһаайыстыбаларбыт уонна улууспутугар улахан хортуоппуй сирдээх Александр Фомин хомуур үлэтигэр түүннэри-күннэри үлэлии сылдьаллар. Ол курдук Бөтүҥҥэ хаһаайыстыба хочо сиригэр эбиэһин хомуйа сылдьар. Сиилэстэрин уган, сенажтарын бэлэмнээн бүппүттэрэ. Ньэчимиэн ардахтар мэһэйдээн ситэ үчүгэйдик буспакка турар. Абаҕаҕа Строд аатынан хаһаайыстыба үүнүүтэ үчүгэй. Эппитим курдук атырдьах ыйыттан быһа түһэр ардахтар бурдукка улахан мэһэйи үөскэттилэр. Күөх ото үүнэн таҕыста. Ол да буоллар күн бүгүн хаһаайыстыба күүскэ бу ааспыт өрөбүлтэн үлэлии сылдьар. Икки комбайн быстарар. Соморсуҥҥа сылдьан нэһилиэккэ тутулла турар кулуубу көрдүбүт уонна бааһынаҕа сырыттыбыт, саҥа 1000 тонна киирэр бурдук ыскылаата туруохтаах сирин билистибит. Манна эмиэ Бөтүҥҥэ курдук бурдук үүнүүтэ орто. Сэргэ Бэскэ Фомин хаһаайыстыбата 65 гектарга хортуоппуй ыспыта. Билигин күүстээхтик түһүнэн 20 гектары хомуйбут. Үлэ күргүөмнээхтик бара турар. Онно көрдөххө хортуоппуй кэлиитэ үчүгэй. Манна хортуоппуй хараллар ыскылаатын көрдүбүт”, — диэн Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов сырдатта.
Бу күннэргэ кураан күннэри баттаһа хаһаайыстыбалар бары күүскэ түһүнэн үлэлии сылдьаллар. Күн-дьыл туран биэрдэр эрэ, хомуур үлэтин түмүктүүр сорук турар.
“Амма олоҕо” хаһыат
Хаартыскалар: Августина Иванова