Эмис нэһилиэгэр от былаана 1860 тонна. Чэппиэргэ бэриллибит дааннайынан нэһилиэк үрдүнэн 582 тонна оттонно. Бу күннэргэ нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин ыраах сытар Олом Күөл учаастагар тиийэ сырытта, отчуттары кытта көрүстэ, от үүнүүтүн билистэ.
“Мин бу курдук матасыыкылынан саамай үүнүүлээх, Олом Күөл учаастагар тахса сылдьааччыбын, атын да отчуттарбын ходуһаларга көрсөөччүбүн. Ол үгэспинэн эмиэ тахсан киирдим. Кураан күннэр турар буоланнар оттооһун күргүөмнээхтик баран иһэр. Атырдьах ыйын 9 күнүн туругунан биһиги нэһилиэк былааммытын 50 бырыһыан толордубут диэххэ сөп. Олом Күөл өлгөм оттооҕунан биллэр. Быйыл да үүнүү куһаҕана суох. Онон оттуохпут диэн эрэллээхпит. Бэйэбитигэр эрэ буолбакка, улуус атын да нэһилиэктэригэр атыылыыр былааннаахпыт. Баһылык Степан Николаевич Кузьмин быйыл улууска кураан буолбутунан атыыланар от баар буоллаҕына, атын сиргэ тахсыа суохтаах диэн сорук туруорбута. Ону сэргэ Эмис сирэ киэҥ. Онон кыайан оттоммот ходуһаларбытын эмиэ атын биригээдэлэр кэлэн оттуулларыгар биэриэхтээхпит. Онон хас биирдии ходуһа оттонуохтаах ”, — диэн Прокопий Петрович сырдатар.
Олом Күөлүгэр биллэрин курдук саха ынахтарын көрөр-истэр, “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ тирэх базата баар. Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Егор Кузьмин оттооһун саамай үгэнигэр сылдьар. Кини быйылгы курдук кураан дьылга үрэхпит үүнүүтэ орто диэн үөрэр.
“Былааммыт 600 рулон. Ону билиҥҥи туругунан 370 рулону бэлэмнээтибит. Өссө да ходуһаҕа охсулла сытар от баар. Онон былааммытын толоруохпут диэн бигэ эрэллээхпит. Төһө кыалларынан күн-дьыл турар биэрэринэн саппаас окко оттуохпут. От хаачыстыбата орто үчүгэй диэххэ сөп. Ардахха сорох өттө былдьаммыта гынан баран, олох күөҕүнэн оттоммут эмиэ рулоннар бааллар”, — диэн этэр Егор Николаевич.
“Амма олоҕо” хаһыат