Амма нэһилиэгин тэрилтэлэрэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр оттук мас бэлэмнээн бүгүн иккис күннэрин субуотунньуктууллар. 14 дьиэ кэргэҥҥэ 400 куб мас киирэрэ былааннанар. Күүстээх үлэҕэ биирдиилээн чааһынай дьон эмиэ улахан көмө буолаллар.
Былырыын анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр нэһилиэк дьаһалтатын уонна тэрилтэлэр үлэһиттэрин күүстэринэн 280 куб мас бэлэмнэммит эбит буоллаҕына, быйыл сайаапка кээмэйэ улаатта. Амматааҕы ойуур хаһаайыстыбата быһан биэрбит дэлээнэтигэр бэҕэһээ 80 күүстээх аҥар үлэлээбиттэрэ. Нэһилиэк дьаһалататын, «Центрлес», ойуур авиациятын, ойуур хаһаайыстыбатын, казначейство, «Автодор», ИДьО, ОДьКХ, экология тэрилтэлэриттэн, тырааныспардаах биирдиилээн дьон тахсаннар улахан үлэни үмүрүтэ сылдьаллар.
-Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Амма нэһилиэгинт бары тэрилтэлэрэ түмсэммит туох кыахтаахпытынан Дойдубут көмүскэлигэр сылдьар байыастарбыт чугас дьонноругар күүс-көмө буолабыт. Мас, муус кыһалҕатын үмүрүтэргэ дьоммут хаһан да аккаастамматтар, өрүү өйөөн субуотунньукка көхтөөхтүк тахсаллар. Онон ханнык баҕарар түгэҥҥэ бииргэ буоламмыт бары ыарахаттары, кыһалҕалары үмүрүтэргэ дьулуһабыт,- диэн Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев дьонугар махталын биллэрэр.
«Амма олоҕо» хаһыат.