С.А.Новгородов аатынан «Айар» национальнай кыһа ааспыт сыл үлэ түмүгүнэн «Айардыын бииргэ. Сыл бастыҥнара -2023» тэрээһинин ыытта. Амма улууһун Сандалы маҕаһыын киоскатын үлэһитэ Лидия Спиридонова өрөспүүбүлүкэҕэ «Бастыҥ кинигэ тарҕатааччы» үрдүк анал аат хаһаайкатынан буолла.
“»Айардары» кытта 2018 сыллаахтан үлэлиибин. Быйыл иккис сылын ыытыллар «Айардыын бииргэ. Сыл бастыҥнара» киэһэҕэ ыҥырыы тутан барбытым. Былырыын Бэчээт дьиэтигэр буолбута, онно эмиэ сылдьыбытым. Былырыын номинант буолбутум оптовиктарга, быйыл бастаатым. Үлэм ситиһиилэммититтэн олус үөрдүм. «Айарга» бастаан сакаас оҥоробун, онон кинилэр бэлэмнииллэр. Онтон таксинан ылларабын. «Айар» группатыгар баарбын, онно саҥа кинигэ рекламата таҕыста да, тутатына сакаастыыбын. Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Кинигэ ааҕарбын эмиэ наһаа сөбүлүүбүн. Хаһыаты, кинигэни бэйэм тутан, хабан ааҕарбын ордоробун. Электроннай варианы ааҕарбын олох астыммаппын, былыргылыы ааҕарбын ордоробун. Урут сир астыырбын сөбүлүүрүм. Айылҕаҕа сылдьан киһи санаатын сааһылыыр, инникини ыралыыр уонна ыраас салгыҥҥа тыынан, айылҕалыын алтыһан сынньанар дии саныыбын. Иллэҥ кэммэр сөбүлүүр ырыаларбын истээччибин, урукку 70-80-90 сыллардаах ырыалары ордоробун. Урут 90-с сылларга Дьокуускайга Арбатынан, Минсельхоһунан магнитофон кассетын атыылыыр этим. Билиҥҥи олоххо наһаа ватсаапка убаммакка дьон хаһыаты, кинигэни урукку курдук элбэҕи ааҕалларыгар баҕарабын. Ол эрэн олох сайдыытынан сибээс нөҥүө кинигэлэрим, халандаардарым, остуол оонньууларын туһунан доҕотторум нөҥүө түргэнник реклама оҥорорго үчүгэй. «Бастыҥ кинигэни тарҕатааччы» номинацияҕа кыайдым уонна 20000 солкуобайдаах сертификат туттум»,- диэн Лидия Спиридонова үөрүүтүн үллэстэр.
Лидия Семеновнаҕа истиҥ — иһирэх тыллардаах эҕэрдэбитин уонна дьаныардаах үлэтин иһин махталбытын тиэрдэбит! Үлэҕэр өссө ситиһиилэри, бэйэҕэр чөл доруобуйаны, үгүс ааҕааччыны, куруук өйүүр-өйдүүр доҕоттору баҕарабыт! Амма улууһа инники күөҥҥэ сылдьара хас биирдии олохтооххо барыга эрэли, үлэҕэ дьаныары эрэ түстээтин!
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА