Саха сиригэр Аҕа күнүн чэрчитинэн «Аҕа уолунаан» күрэх Бөтүҥнээҕи «Мичээр» оҕо сайдар киинигэр муус устар 4 күнүгэр ыытылынна.
Аҕа — дьиэ кэргэн туллубат тулааһына, ыал модун кыаҕа, сүрүннүүр күүһэ. Аҕа саамай улахан соруга — саҥа үүнэр көлүөнэни иитии уонна сайыннарыы: тус бэйэтин холобурунан буолар. Ол сиэринэн күрэххэ улахан уонна бэлэмнэнии бөлөхтөн биэс хамаанда көхтөөхтүк кытынна: Татаринов Дмитрий Моисеевич уолунаан Матвейдыын, Гурьев Николай Николаевич уолунаан Богданныын, Марков Петр Егорович уолунаан Софроннуун, Нестерев Альберт Николаевич уолунаан Алимардыын, Никитин Николай Петрович сиэнинээн Захардыын.
Күрэх алта түһүмэхтэн турда: дартс, лайфхак, «Ат сүүрдүүтэ», «Мүһэ былдьаһыыта», кубик хомуйуу, «Ким түргэнник сыылларый?»
Күрэххэ Бөтүҥ нэһилиэгин муниципальнай тэриллии баһылыга Никитин Алексей Николаевич, Бөтүҥ нэһилиэгин эдэр ыччат түмсүүтүн салайааччыта Иванов Валентин Константинович, Дьахтар сэбиэтин салайааччыта Сутакова Татьяна Григорьевна, «Мичээр» оҕо сайдар киин коллектива бэртээхэй бириистэри туруордулар. Күрэҕи Дьячковская Юлияна Афанасьевна уонна Неустроева Марфа Михайловна иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Күүстээх тыҥааһыннаах күрэх түмүгүнэн «Кылаан бириис» хаһаайынынан Никитиннэр буоллулар, «Дьоҕурдаах дьиэ кэргэн» ааты Марковтар, «Булугас өйдөөх дьиэ кэргэн» ааты Нестеревтэр, «Сымса-сыыдам дьиэ кэргэн» ааты Гурьевтар, «Бэргэн ытааччы дьиэ кэргэн» ааты Татариновтар ыллылар.
Күрэх кыттааччылара дуоһуйа сынньанан тарҕастылар. Оҕолорго умнуллубат түгэн ааста, өссө да төрөппүттэр маннык араас күрэхтэргэ оҕолорунаан көхтөөхтүк кытта туруохтара диэн баҕарабыт.
Юлиана Дьячковская, Марфа Неустроева.